“Армон ХЭТ Мэҥэ-Хаҥаласка 2016 сылтан киэҥник биллибит тэрилтэ. Ити кэм иһигэр тэрилтэ автомат хочуоллара улуус алта нэһилэгэр турдулар. Хатылыма олохтоохторо 100% итиигэ холбоммут буоллахтарына, Хорообут, Дьаҥхаады, 3-с Мэлдьэхси, 1-кы Тыыллыма, Дойду нэһилиэктэрэ аҥардара холбонон олороллор. Бу туһунан Ulus.media суруйар.
Быйыл «Терморобот» хочуола улуус ыраах нэһилиэгэр Чыамайыкыга кэллэ. Оттук сезонун саҕаланыыта Даркылаах, Набережнай уулусса 54 ыала итиинэн хааччыллыахтара.
«Бу улууска 16-с хочуолбут. Чыамайыкы сэттис нэһилиэкпит буолла. Мэҥэ-Хаҥаластан ураты биһиги хочуолларбыт Уус Алдан Бороҕонугар тураллар, — диир «Армон» ХЭТ салайааччыта Максим Боёков. — Хочуолунай 2,4 мегаватт кыамталаах. 12,5 килэмиэтир уһуннаах теплотрасса тардыллыбыта, кыстыкка анаан Харбалаах чох карьерыттан 500 туонна бытарытыллыбыт чох тиэллибитэ«.
Саҥа хочуолунайга түөрт киһи – үс оператор уонна биир тырахтарыыс үлэлиэхтэрэ.
Олохтоох дьаһалта оттук сезонун балаҕан ыйын 15 күнүгэр саҕалыыр былааннаах. Нэһилиэк баһылыга Егор Прокопьев хочуолунай таҥыытыгар улуус бүддьүөтүттэн 13,5 мөл солкуобай көрүллүбүтүн этэр. Олохтоохтор сүүстүү тыһыынчаны биэртэр. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 2 мөл 98 тыһ солк көрүллүбүт. «Инньэ гынан бэйэбит өттүбүттэн ороскуот 30 %-нын уйуннубут. Хочуолунай Чыамайыкы нэһилиэгин барытын итиинэн хааччыйыа. Урут ОДьКХ хочуолунайыгар 34 олорор дьиэни кытары социальнай тэрилтэлэр холбонон олорторо«, — диэтэ баһылык.
This post was published on 18.08.2020 13:04 13:04