Муома Өймөкөөн улуустарын икки ардыларыгар быысаһан сытар бөһүөлэк Чуумпу Кытыл буолар. «Хайалартан ордук хайалар эрэ бааллар» — диэн уос номоҕо бу ураты айылҕалаах сиргэ анаммыт курдук.
Ыам ыйын 1 күнэ. Сааскы ый. Сарсыардааҥы сарыал, күнүскү күлүм күн, киэһээҥи дьыбар хоту сиргэ эмиэ билиннэ.
Чуумпу Кытыл хайа быыһыгар тэлгэнэн олохсуйбут бөһүөлэк. «Дьон айылҕа кэрэтин сөҕөн «Хотугу Кавказ» диэн ааттыыллар«, диэн суруйар СИА-ҕа анаан «Индигир уоттара» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Мира Старкова.