Чурапчыттан Тарас Тарасов-Тускул: “Бэс ыйа быйаҥы түстүүр”

2023 сылга күҥҥэ тахсар эстиилэр муҥутаан улаатар кэмнэрэ.

Бу туһунан норуот синоптига Тускул бэс ыйын билгэлииригэр бэлиэтээтэ:

— Быйылгы сайын ураты буолуоҕа.

Ол курдук, бэс ыйа уонна от ыйа үгүс улуустарга кураан куйаас буолара сабаҕаланар. Ону таһынан, күүстээх этиҥнээх ардах, эмискэ түһэр улахан тыал уонна тобурах түһүөҕэ, онно эрдэттэн бэлэмнээх буолуохха наада. Тыалга көтөр малы-салы хомуйан баттатыахха, кистии ууруохха наада. Күүстээх этиҥнээх ардахтан уонна тобурахтан ордук таһырдьа үүнэр оҕуруот аһын түргэнник сабыллар гына оҥоруохха наада.

Саха итэҕэлинэн киһи үс куттаах. Ол куттара – Күнү, Сири, Ыйы кытта ситимнээхтэр. Научнай тылынан, “запутанные” диэн. Ол аата киһи өйө, уйулҕата, салҕанар дьоҕура барыта – Күнтэн, Ыйтан, Сиртэн ситимнээх. Бу маны дакаастаан, эспэримиэн арааһын оҥорон, үс араас омук дойду учуонайара 2022 сыл түмүгүнэн Нобелевскай бириэмийэ ыллылар. Онон Ыйтан ыйаахтаах Ый оҕолоро, көхсүттэн көнтөстөөх Күн Улууһун оҕолора буоларбытын эспэримиэнинэн дакаастаатылар. Үс учуонай “биһиги Күнтэн уонна Ыйтан утахтанар “запутаннай частицалардаахпыт” диэн этэллэр. Ол ситимэ үлэлиир. Күҥҥэ туох буолара Ыйга уонна биһиэхэ дьайарын учуонайдар, 20-чэ сыл чинчийэн, үһүөн биир түмүккэ кэлбиттэринэн дакаастаатылар.

Бу тугу этэрий? Ол аата быйылгы күҥҥэ буолар улахан эстиилэр сабыдыаллара Сиргэ дьайа турар. Буола турар киирсиилэр, экэнэмиичэскэй кириисис, дьон өйө-санаата уларыйыыта, быһата, айылҕаҕа тахсар уларыйыы барыта. Бу сыл түмүктэннэҕинэ, сыыйа көнөр суолга туруохпут, олохпут-дьаһахпыт оннугар түһэн барыаҕа, онон инникигэ эрэл үчүгэй. Быйыл сайын эрдэ түһэр ардахтар көмөлөрүнэн уонна түүҥҥү өттүгэр сылаас буолан, оҕуруот уонна сир аһа өлгөмнүк үүнүөҕэ. Онон бэс ыйа быйаҥы түстүүр.

Тускул үүммүт бэс ыйын күнү-дьылы төрөөбүт улууһугар билгэлээбитэ маннык буолла:

КИИН УЛУУСТАР:

Бэс ыйа үгүс киин улуустарга былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, эрдэ сылыйар чинчилээх. Үгүс улуустарга куйаарыаҕа. Бу ый I дэкээдэтигэр эрэ син ардахтаах буолсу, онтон атын күннэргэ — былырыыҥҥытын курдук. Ол оннугар этиҥнээх ардах үгүс буолуо.

Бу ый I дэкээдэтигэр, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, түүнүн-күнүһүн куйаарыаҕа. Киин улуустарга күнүс +21С- +23С кыраадыс куйаас, түүнүн +8С+10С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүс +22С+25С кыраадыс сылаас, түүнүн +16С +18С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс +23С+28С кыраадыс сылаас, түүн +16С +18С кыраадыс сылаас.

Бу ыйга түүнүн +15С+17С сылаас буолан, от-мас, сир аһа үүнэригэр үчүгэй.

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй, Саҥа олох

This post was published on 02.06.2023 17:05 17:05