Астана куоракка VII-с төгүлүн “Самал-24” диэн эдэр композитордар норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустара онлайн-форматынан ыытыллыбыта. Кыайыылаахтар ааттарын бэҕэһээ, о.э. ыам ыйын 6 күнүгэр официальнай саайка таһааран иһитинэрдилэр.
Композитордар норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустара – бу Казахскай национальнай ускуустуба университетын саамай биллэр-көстөр, инникилээх бырайыага буолар. Сэттис төгүлүн ыытыллар куонкурус композитор, университет иһинэн композиция кафедратын төрүттээччи Жуматай Тезекбаев 70 сааһыгар ананна.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн композитор, Казахстаан өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх диэйэтэлэ, түүр култууратын уонна нэһилиэстибэтин Норуоттар икки ардыларынааҕы пуондатын Бэрэсидьиэнэ Актот Раимкулов үлэлээтэ. Чилиэттэринэн композитор, “Ускуустубаҕа уонна литэрэтиирэҕэ үтүөлэрин иһин” Франция уордьанын кавалера Юрий Каспаров, КӨ үтүөлээх диэйэтэлэ Серик Еркембеков, композитор Артык Токсанбаев, кафедра профессора, ускуустуба билимин доктора Умитжан Джумаков, композитор Дмитрий Останькович, композитор, муусуканы үөрэтээччи Марианна Останькович буоллулар уонна куонкуруска кыттааччылар үлэлэрин сыаналаатылар.
Маннык улахан таһымнаах куонкуруска кыттааччылары саастарынан арааран үс бөлөҕүнэн күрэхтэһиннэрдилэр.
“Астана куоракка “Самал” эдэр композитордар куонкурустара этэҥҥэ түмүктэннэ. Биһиги, композияция кылааспыт хаһыс да төгүлүн сирэйин хара буорга анньыбакка, бэйэтин үрдүк таһымын туппутуттан барыгытын эҕэрдэлиибин. Сүрүн, биһиги көрүүбүтүнэн саамай престижнай 1-кы бириэмийэни Никифор Яковлев уонна Фархад Бахтияри уонна Жиганов аатынан Казанскай судаарыстыбаннай консерватория выпускницата Лилия Искахова бэйэлэрин икки ардыларыгар үллэһиннилэр. Иккис бириэмийэни Кытайтан Гао Ицин, Аглая Севастьянова уонна Еревантан Леон Погосян буоллулар. Онтон куонкурус Гран-при хаһаайынынан Казахскай национальнай ускуустуба университетын устудьуона Малика Багытжанова ааттанна, кини «Years of great tribulation» диэн домбраҕа уонна фортепианоҕа аналлаах олус күүстээх пьесатынан кытынна,” – диэн П.И. Чайковскай аатынан Москубатааҕы консерватория профессора Юрий Сергеевич Каспаров санаатын үллэһиннэ.
Көрөргүт курдук, бэйэбит Чурапчыбыт улууһун ыччата, алаас уола Никифор Яковлев аан дойду бүтүн ааттаахтарын кытары күөн көрсөн престижнай куонкурус кыайыылааҕынан буолбутунан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн биэриэҕиҥ!
Санатан эттэххэ, Никифор билигин Петр Чайковскай аатынан Москубатааҕы Судаарыстыбаннай муусука консерваториятын научнай композиторскай факультетын төрдүс кууруһун устудьуона. Эдэр талааннаах композиторбыт ситиһиитинэн биллэн туран төрөппүттэрэ Оксана уонна Петр Яковлевтар, Никифор муусукаҕа бастакы учуутала Светлана Павловна Макарова олуһун диэн үөрэллэр, уолларынан киэн тутталлар.
“Сахам сирин саныыбын, төрөөбүт-үөскээбит Чурапчыбын ахтабын, Чурапчыга мин төрөппүттэрим, доҕотторум бары бааллар, олохсуйан олороллор. Кэлэн иһэр Улуу Кыайыы күнүнэн, улууһум дьонугар бука барыларыгар улахан эҕэрдэбин тиэрдэбин,” – диэн Никифор этиитинэн ыстатыйабын түмүктүүбүн.
Ааптар: Сэмэн Жендринскэй, Чурапчы улууһа
This post was published on 07.05.2024 09:33 09:33