Олунньу ый 9 күнүгэр 1921 с. Чурапчы оройуонугар (Боотурусскай улуус) Чурапчы сэлиэнньэтигэр эдэр хомсомуол уолаттар Николай Дмитриевич Кривошапкин-Уот Субуруусскай, Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин, оччотооҕу фельдшер С.Н. Сокольников мустаннар, уопсайа 27 ыччат дружина тэринэллэр. Ити күнтэн Чурапчы милииссийэтин үлэтэ саҕаланар, норуот көҥүлүн, нус-хас олоҕун көмүскээһиҥҥэ туруналлар.
Чурапчы милииссийэтин сүрүн соругунан бандитизмы утары охсуһуу, нэһилиэнньэ ортотугар өйдөтөр үлэни ыытыы, эдэр Сэбиэскэй былаас ыытар үлэтин олоххо киллэрии этэ. Баайдары утары үлэни иилээһин-саҕалааһын саҕаламмыта. Ыар буруйу оҥорбут дьону Сэбиэскэй суут иннигэр эппиэттэтии курдук киэҥ хабааннаах үлэлэри ыытыы этэ. Бу милииссийэ этэрээтэ Дьокуускай куоракка осаднай балаһыанньа биллэриллибитинэн сибээстээн 50 киһилээх куоракка киирэн бандьыыттары утары хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Ол курдук Никольскай, Тулагы уонна Нам тулатынааҕы сэриилэргэ хорсуннук охсуспуттара. Н.Д. Кривошапкиҥҥа — Уот Субуруускай диэн аат иҥэриллибитэ. Ол кэмҥэ Чурапчыны урун бандьыыттар сэриилээн ылбыттара уонна Саха сирин үрүҥнэр сэриилэрин сүрүн ыстааптара оҥоробуттара. Үрүҥ бандьыыттар нэһилиэнньэни харса-хабыра суох кырган барбыттара. Ол иһигэр Сэбиэскэй баартыйа үлэһиттэрин суута сокуона суох кыргыбыттара. Аҥардас биир ииҥҥэ 87 киһини өлөрөн көмпүттэрэ, Хатылы нэһилиэгин Бабаҕатыгар улахан хаайыы оҥорбуттара, итинтэн Чурапчыга киллэрэн хаайбыт дьоннорун ытан өлөрөллөрө. Ордук бу кыыллыйыыга Колчак эппиһиэрдэрин этээрээтин хамандыыра, полковник Дуганов уонна кини хос моонньоох эппиһиэрдэрэ суута сокуона суох, хабырдык дьону сэймэктээбиттэрэ. Бэс ыйын 6 күнүгэр, 1923 сыллаахха Дьокуускай куоракка Эрилик Эристиин, милииссийэ начальнигынан үлэлии олордоҕуна, Аммосовтаах Ойуунускай ыҥыран ылан Чурапчыга бандьыыттар кыыллыйбыттарын, дьон бөҕөнү кырган эрэллэрин этэн туран, 50 киһилээх милииссийэ этэрээтин салайан тахсарыгар сорудахтыыллар. Ити сорудаҕы толорууга Эрилик Эристиин ити күн тутатына аттанар. Этэрээккэ көмөҕө, Уус Майанан, Тааттанан үрүҥ бандьыыттары кытары сэриилэһэ сылдьар Уот Субуруускай чекистэрин этэрээтэ, Тааттаттан Чурапчыга көрсөрдүү утары айанныыр. Уус Майаттан төннөн иһэр Курашов 200 байыастаах этэрээтэ Аммаҕа кэлбитин, Чурапчыга ыыталлар. Бандьыыттар, улахан этэрээттэр иһэллэрин сэрэйэн Бабаҕаҕа хаайылла сытар 28 киһини Чурапчыга аҕалан, бэйэлэригэр ииннэрин хастаран баран, полковник Дуганов этэрээтин эппиһиэрдэрэ баалкынан кырбаан өлөртүүллэр. Ити бириэмэҕэ Эрилик Эристиин этэрээтэ эбэни туораан, Сылаҥынан Өйүк үрэҕэр кэлэн хоноллор. Сарсыарда эрдэттэн Чурапчыга киирэллэр. Бандьыыттар оскуоланы, балыыһаны уоттаан баран куоталлар. Ити баалкынан кырбанан өлбүт дьон испииһэктэригэр Эрилик Эристиин 72 саастаах төрөппүт ийэтэ баара. Бандьыыттар Уус Майанан, Ньылхан диэки куоталлар. Курашов этэрээтэ аара бандьыыттары тоһуйаллар, Уот Субуруусскай уонна Эрилик Эристиин этэрээттэрэ эккирэтэллэр. Аара суолга ити үрүҥнэр этэрээттэрин ситэн, 200 киһилээх үрүҥ бандьыыттар этэрээттэрин тутан эппиэккэ тардаллар. Ити Чурапчы милииссийэтэ үрүҥ баандалары утары сэриигэ киллэрбит биир улахан кылаата этэ. Манна көстүбүт докумуоннарга Эрилик Эристиин, Дьокуускай куоракка бастакы милииссийэ начаалынньыгынан үлэлээбит, Н.Д. Субуруусскай-Уот Субуруускай ОГПУ этэрээтин, билиҥҥинэн “спецназ” бөлөҕүн салайбыта.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмытыгар, Ийэ дойду көмүскэлигэр Чурапчы милииссийэтин үлэһиттэрэ сэриигэ хорсуннук кыттыбыттара. Сэрии бастакы сылыттан Макаров Илья Николаевич, Берлин куоракка диэри сэриилэспитэ. Кини артиллерияҕа сулууспалаабыта, биир кыргыһыыга 3 тиигир таанканы уматан “Аҕа дойду” 1-кы степеннээх уордьанынан наҕараадалламмыта. Сэрии кэмигэр үс бойобуой уордьанынан наҕараадаламмыта, “Хорсунун иһин” икки мэтээллээҕэ. Пушканан ытыыга аармыйа күрэҕэр 1-кы миэстэни ылан “Бастын артиллерист” диэн бэлиэнэн наҕараадалламмыта.
И.С. Тарабукин арҕаа фроҥҥа хорсун быһыытын иһин “Кыһыл Знамя” уордьанынан наҕараадаламмыта. Белолюбскай Ксенофонт – “Аҕа дойду” 1-кы степеннээх уордьанынан наҕараадаламмыта, Портнягин Егор “Кыһыл Сулус” уордьаннааҕа, Каженкин А.Д., Петров Н.А., сэрииттэн мэтээллээрдээх эргиллибиттэрэ. Сэриигэ, Москва көмүскэлигэр развед рота хамандыыра Романов Н.Г. сэриилэһэ сылдьан ыараханнык бааһыран госпитальга өлбүтэ. Ленинград куораты көмүскүүр сэриигэ аармыйа разведка бөлөҕүн салайан, лейтенант Посельскай Д.С. сэрии хонуутугар бааһыран Пермь куоракка госпитальга сырдык тыына быстыбыта.
Аҕа дойду сэриитин кэмигэр дезертиирдэр 9 киһилээх бөлөхтөрө, баанда тэриммиттэрэ уонна Мырыла нэһилиэгэр саһа сылдьан, сискэ үүтээн оҥостон, ити эргиннээҕи маҕаьыыннары халаан, холкуос сүөһүтүн уоран сиэн, саас Охотскайынан Японияҕа күрээри олороллорун, Чурапчы милииссийэлэрэ тахсан туппуттара. Баандаларын баһылыгна Чурапчы уола диэн ааттаах этэ.
1970-с сылларга Чурапчы аптекатын халаан, наркотик уорбут дьону уонна Субууруускай аатынан колхуос каассатын көтөҕөн барбыттара. Бу дьыалалары милииссийэ начаалынньыга Попов Илья Ильич, силиэдэбэтэл Массаев А.Е. уголовнай розыскаттан Иванов Г.Н. буруйдааҕы Магадантан буланнар, тутан ылан арыйбыттара.
1980-с сылларга Мындаҕаайыга ыар буруйдары онорон баран куоппут, милииссийэ үлэһиттэрин кытары саанан ытыалаһан тутуллубут буруйдааҕы, Саха сирин Үрдуку суута ытылларга уурбута. Ол курдук Толоон сэлиэнньэтигэр киһи тыыныгар туран баран, саанан утарыласпыт буруйдаах тутуллан эмиэ ытылларга уурулулубута. Мугудайга эмиэ ыар буруйу оҥорбут киһи, милииссийэ үлэһиттэрэ тута тиийбиттэригэр, саанан утарсыыны оҥорон, милииссийэ үлэһиттэрин бааһырдан, ытыалаһыы кэмигэр суох оҥоһуллубута. Бу ыар буруйу оҥорбуттар бары — уголовнай розыска инспекторадара Макаров М.М., Иванов И.Г. участковай Чичахов И.П. үлэлэрин түмүгэр тутуллубуттара.
Чурапчы мясокомбинатыгар улахан сууммалаах уоруу тахсыбытын оччотооҕу ОБХСС инспектордара Баишев П.Х уонна Макаров М.М. арыйан буруйдаахтар суут иннигэр туруоруллубуттара. Ону таьынан ПМК Мелиорацияҕа омук биригээдэтэ кэлэн сымыйа тутуулары ыытаннар тутуллубуттара.
1990-с сылларга Сэбиэскэй Сойуус ыһыллан, элбэх сууттаммыт, хаайыыттан босхоломмут дьон оройуоҥҥа 130 киһилээх сообщество тэринэн, араас “разборкалары” ыытаннар, дьонтон харчы түүрэйдээһин, халааһын, нэһилиэнньэни дьигдьийэн, куттаан бас-баттах барбыттарын, оччотооҕу ыһыллыы-тоҕуллуу кэмэ буолан улахан эппиэтинэскэ тардыллыбатахтара. Ити кэмҥэ сокуон даҕаны наһаа сымнаҕас этэ. Бу группировкалары уодьуганнааһыҥҥа криминальнай милииссийэ начаалынньыга Алексеев Г.Г., уголовнай розыска үлэһиттэрэ Тартыев Г.Ф., Софронов Г.Р., Софронов Г.К., Егоров В. Следователлэр: Сивцев П.П., Анисимов З.Р., Федотова О.Н., Протодьякова Н.В., үтүө өрүттэрдээх оперативнай-сэлиэстийэлиир үлэлэри оҥороннор буруйдаахтар суут иннигэр туруоруллубуттара.
2000 сылларга Чурапчы сэлиэнньэтигэр биир ыалы бүтүннүү өлөрүүгэ, салгыы эмиэ Чурапчыга ыал ийэтин күүһүлээн баран өлөрүүгэ, Одьулууҥҥа милииссийэ сотруднигын ууга тимирдэн өлөрүү, участковай дьиэ кэргэттэрин өлөрүү курдук ыарахан буруйдар оҥоһуллубуттарын, эмиэ Одьулууҥҥа, баһаар кэмигэр 18 киьи өлүүлээх ыар буруйга, милииссийэ үлэһиттэрэ түүннэри-күннэри үлэлээн ити ыар буруйдары онорбут сидьиҥд санаалаах дьон суут иннигэр туралларын толору ситиспиттэрэ. Бу кэмҥэ криминальнай милииссийэ начаалынньыга Алексеев Г.Г., уголовнай розыска үлэһиттэрэ Тартыев Г.Ф., Софронов Г.Р., Софронов Г.К., Егоров В., Евграфов Д.Н., Стручков А.А. Следователлэр: Анисимов З.Р., Федотова О.Н., Протодьякова Н.В. күүскэ үлэлээн ыар буруйдары арыйбыттара. Ити кэмҥэ милииссийэ начаалынньыгынан Аржаков В.В үлэлиир этэ.
Бастакы милииссийэлэр Уот Субуруускай, Эрилик Эристиин саҕалаабыт үлэлэрин, милииссийэ үлэһиттэрэ чиэстээхтик салҕаабыттара.
К.Е. Платонов — юстиция саппаас подполковнига.
Эрдэ СМИ ситимигэр сырдатыллыбытын курдук, бу ааһан эрэр сылга Чурапчы улууһугар улууска милиция уоргана тэриллибитэ үбүлүөйдээх 100 сыла бэлиэтэнэр. Онон ситимнээн улууска араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Санаан көрдөххө, бу кэрчик кэм эмиэ да уһун, эмиэ да кылгас. Ол курдук, биир киһи олоҕун устатын кытары тэҥнээтэххэ — уһун, онтон устуоруйа нэлэмэн «хонуутугар» ууран көрдөххө — балачча кылгас кэм. Ол эрэн, бу кэрчик кэмҥэдойдубут үрдүнэн буолан ааспыт суолталаах түгэннэри, уларыйыылары, түһүүлэри да, тахсыылары да болҕомтоҕо ыллахха,бу үйэ усталаах кэми кылгаһынан ааҕар эмиэ да сатаммат курдук.
Быраабы араҥаччылыырбу биир улахан уорган аата-суола хас эмэ төгүл уларыйа сылдьыбыта. Милиция диэн аат (норуот сэбилэниилээх ополчениета диэн өйдөбүллээх) 2017 сыллааҕы Улуу Өктөөп Социалистическай Өрөбөлүүссүйэтин кэннэ ССРС сирин-уотун үрдүнэн тарҕанан, кэлин, 2011 сыл саҕаланыытыгар диэри — РФ үрдүнэн туһаныллыбыта. 1991 сыллаахха диэри кэмҥэ милиция үлэтин сүрүн соругунан бастатан туран судаарыстыбасыаннастара үрдүктүк тутуллалларынан, олору араҥаччылааһын буолар этэ.
Ол кэмтэн бэттэх быраабы харыстыыр бу уоргаҥҥа үгүс уларыйыылар таҕыстылар. Биллэрин курдук, билиҥҥи кэмҥэ улуус — улуус аайы полиция отделлара бэйэлэрин нэһилиэнньэлэрэ сокуоннар ирдэбиллэрин тутуһалларын хонтуруоллуур, бэрээдэги, сокуону кэһээччилэри сөп түбэһэр эппиэтинэскэ тардыыга үлэлииллэр. Полиция отделларын үлэлэрин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ис дьыала министиэристибэтэ иилиир-саҕалыыр уонна хонтуруоллуур.
Бүгүн биһиги бу ыстатыйанан Россия ИДьМ Чурапчы улууһугар отделыгар баар сулууспалар тустарынан кылгастык сырдатыахпытын баҕарабыт. Ол курдук, отдел штатыгар күн бүгүн барыта 75 киһи үлэлиир — хамсыыр. Олор истэригэр 63 анал аттестацияны ааспыт сотрудник, 1 федеральнай судаарыстыбаннай гражданскай сулууспалаах уонна 11 вольнонаемнай үлэһиттэр киирэллэр.
Отдел начальнигынан 2016 сыллаахтан полиция подполковнига Иннокентий Дмитриевич Свинобоев, бастакы солбуйааччытынан билигин полиция начальнига полиция майора Яков Юрьевич Сивцев, кини солбуйааччытынан – уопсастыба бэрээдэгин хааччыйыы сулууспа начальнига полиция подполковнига Влас Власьевич Михайлов үрдүк таһымнаахтыхүлэлии сылдьаллар.
2016 – 2020 сылларгаполиция отделын начальнигынбастакы солбуйааччытынан полиция подполковнига Петр Андреевич Морозов, 2017-2020 сылларгаполиция отделын начальнигын солбуйааччыта юстиция майора Рустам Захарович Босиков таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Хас биирдии гражданин полиция сотруднигын быһыытынан сулууспатын саҕалыырыгар бастатан туран, судургутук эттэххэ, каадыр отделын кытары алтыһар. Россия ИДьМ Чурапчы улууһугар отделын начальнигын личнэй састаабы кытары үлэҕэ көмөлөһөөччүтүнэн ис сулууспа подполковнига Петр Романович Сивцев үлэлиир. Кини бу сулууспа исписиэлииһин – ИДьМ бэтэрээнэ Людмила Иннокентьевна Максимовалыын доруобуйаларын туруктарынан уонна өй-санаа, уйулҕа өттүнэн сөп түбэһэр эдэр дьону полиция үлэтигэр ылыыттан саҕалаан байыаннай пенсияҕа тахсыахтарыгар диэри хас биирдиилэрин кытары үлэлэригэр, тус олохторугар көрсөр ханнык да ыарахаттары аһаран куруук туруктаах, профессиональнай таһымнарын тохтоло суох үрдэтинэр үрдүк квалификациялаах сотрудниктар буолалларын туһугар үлэ сокуонугар, биэдэмистибэ анал бирикээстэригэр олоҕуран,сотрудниктарга сүбэ-ама буолан үлэлэрин күннэтэ ыыталлар.
Олох-дьаһах бары эйгэтин хабан хонтуруоллуур сыалтан Чурапчытааҕы полиция отдела барыта уонтан тахса араас сулууспаҕа арахсан үлэлиир. Ол курдук, бастатан туран, полиция отделыгар киирбит киһини аан маҥнай көрсөр, түлүпүөннээтэххэ истэн кэпсэтэр-быһаарсар сулууспанан 11 сотрудниктаах (онтон биирэ суоппар) Дьуһуурунай чаас буолар. Бу сулууспа нэһилиэнньэттэн киирэр иһитиннэриилэри биири да көтүппэккэ анал сурунаалга суруйан, компьютер программатыгар киллэрэн бэлиэтиир уонна хас биирдии иһитиннэриинэн быраабы кэһиилэри, буруйдары арыйыыга, буруйдаахтары булууга туһааннаах сулууспалар сотрудниктарын кылгас кэм иһигэр тэрийэн быһылаан буолбут сирдэригэр ыыталыыр, үлэ түмүгүн хонтуруоллуур. Ол кэннэ бэлиэтэммит иһитиннэриилэринэн бэрэбиэркэлэр олохтоммут болдьох иһинэн ыытыллалларын хонтуруолга туталлар. Ону таһынан Дьуһуурунай чаас сотрудниктарын биир эбээһинэстэринэн полиция отделын дьиэтигэр-уотугар, малыгар-салыгар куттал суох буолуутун хааччыйар сыалтан сабыылаах эрэсиими тутуһууну хонтуруоллааһын буолар.
Айан суолларыгар суол быраабылатын тутуһууну ирдиир, хааччыйар, ону тэҥэ дьон уонна тэрилтэлэр тырааныспардарын сириэстибэлэрин судаарыстыбаҕа бэлиэтиир, учуоттуурсоруктаах сулууспанан полиция майора Василий Дмитриевич Ефремов начаалынньыктаах “Суолунан айан куттала суох буолуутугар судаарыстыбаннай иниспиэксийэ” буолар. Иниспиэксийэ барыта 10 анал аттестацияны ааспыт сотрудниктаах, биир дуогабарынан үлэлиир исписиэлиистээх. Бу сулууспа улууспутугар баар бары айан суолларыгар куттал суох буолуутун күнүстэри-түүннэри тилэри хааччыйаллар, айаҥҥа араас мэһэйдэри көрсүбүт, саахалламмыт масыыналар суоппардарыгар уонна пассажирдарыгар араас көрүҥнээх тустаах көмөнү оҥороллор.
Нэһилиэнньэҕэ биир биллэр-көстөр сулууспанан полиция учаскуобай болномуочунайдарын уонна сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан үлэлиирсулууспа буолар. Манна начальнигынан полиция майора Петр Васильевич Монастырев уопсайа 15 сотруднигы салайан үлэлэтэ сылдьар. Сулууспа улууспут 16 нэһилиэгин барытын хабан 9 административнай учаастакка, ол иһигэрЧурапчы нэһилиэгин 4 учаастакка арааран нэһилиэнньэ ортотугар холуобунай буруйдары оҥорууну сэрэтэр, оҥоһуллубут буруйдарынан дакаастабыллары хомуйар сыаллаах-соруктаах үлэлиир. Кыһалҕа кыһарыйдаҕына олохтоох дьон бастатан туран бэйэлэрин учаскуобайдарыгар биллэрэллэр, сүбэлэрин-амаларын, ыйыыларын-кэрдиилэрин ылан санаалара бөҕөргүүр, көтөҕүллэр.
Улуус хас биирдии олохтооҕо олоҕун устата хайаан да алтыһан ааһар сулууспатынан миграционнай сулууспа буолар. Бу сулууспаҕа полиция майора Аграфена Аркадьевна Антипина салалтатынан улуус олохтоохторун, быстах кэмҥэ кэлэн ааһар атын да дьон-сэргэ кэлиитин-барыытын учуоттааһын, сүрүн докумуоннарын оҥорон, уларытан биэрии уонна да атын хайысхалаах дойду миграционнай политикатын олоххо киллэриини үрдүк опыттаах специалиһы – ИДьМ бэтэрээнин Лена Семеновна Атакованы кытары өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк көрдөрүүлээхтик ыытар.
Отдел оперативнай үлэтин опыттаах сотруднига полиция капитана Михаил Васильевич Уваров хаһыс да сылын ситиһиилээхтик салайар. Холуобунай ирдэбил сулууспатын икки оперативнай сотрудниктарын квалификацияларыттан оҥоһуллубут буруйдар бары категориялара уонна көрүҥнэрэ түргэнник арыллыылара, көрдүүр-ирдиир үлэлэр сөптөөх түмүктээх буолуулара улахан тутулуктаах. Бу сыалы-соругу Холуобунай ирдэбил оперативниктара ыһыктыбакка ыга тутан үлэлииллэр.
Холуобунай ирдэбил сулууспатын үлэтигэр ханыылыы экономикаҕа куттал суох буолуутугар уонна коррупцияны утарылаһыыга үлэҕэ эппиэтинэһи полиция старшай лейтенана Андрей Алексеевич Обоюков сүгэн кэллэ.
Бу эмиэ оперативнай үлэ биир көрүҥэ буолар. Сулууспа аата-суола да этэрин курдук, бүддьүөт бары таһымнарын, араас тэрээһиннээх, бас билиилээх тэрилтэлэр үптэрэ-харчылара уонна чааһынай дьон баайдара-дуоллара сокуон иһинэн эргийиилэрин, ону тэҥэ дуоһунастаах сирэйдэр коррупцияны утарылаһар сокуоннар ирдэбиллэрин тутуһалларын хонтуруоллуурга аналлаах.
Оҥоһуллубут холуобунай буруйдары, бу буруйдары оҥорбут дьон быраабы утары дьайыыларын дакаастаан суут уорганынан сөптөөх эппиэтинэскэ тардар сыаллаах үлэлиир сулууспаларынан полиция отделын начаалынньыгын солбуйааччыта юстиция майора Дмитрий Васильевич Петров салайааччылаах, үс силиэдибэтэллээх Силиэстийэлиир салаа уонна полиция капитана Алексей Алексеевич Собакин начаалынньыктаах уопсайа икки дознавателлээх “Дознание подразделениета” буолаллар. Силиэдибэтэллэр уонна дознавателлэр быһылаан буолбут сиригэр тиийэр силиэстийэннэй-оперативнай бөлөхтөр үлэлэрин салайаллар, хомуллар дакаастабыллар хаачыстыбаларын, сокуоннайдык хомуллууларын ирдииллэр, хонтуруоллууллар. Ол кэннэ салгыы хас биирдии оҥоһуллубут улахан буруйунан холуобунай дьыалалары көбүтэн силиэстийэни уонна дознаниены ыытан оҥоһуллубут буруйдары докумуоннууллар, буруй туох төрүөттэн, усулуобуйаттан сылтаан оҥоһуллубутун быһаараллар. Ол кэннэ холуобунай дьыалалар силиэстийэлэрин, дознаниеларын түмүктээн улуус Прокуратуратыгар бэрэбиэркэлэтэн салгыы сууттарынан ыыталлар. Бу икки сулууспа иккиэн биир холуобунай уонна холуобунай – процессуальнай сокуоннарынан салайтаран үлэлииллэр. Үлэлэрин уратыларынан — холуобунай буруйдары категорияларынан арааран силиэстийэлээһин буолар. Ол курдук, силиэдибэтэллэр сорох орто ыар категориялаах уонна бары ыар категориялаах буруйдарынан холуобунай дьыалалары көбүтэн силиэстийэлииллэр, дознавателлэр – кыра уонна орто ыар категориялаах буруйдарынан силиэстийэлээһиннэри ыыталлар. Бу сулууспалар үлэлэриттэн полиция отделын уопсай үлэтин түмүгэ быһаччы тутулуктаах.
Полиция отделын үлэтин түмүгэр биир улахан суолтаны ылар салаанан экспертнэй сулууспа буолар. Манна криминалистика эйгэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ биир тарбахха баттанар улахан уопуттаах эксперт, полиция майора Марина Ивановна Иванова ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Марина Ивановна уопсайа 5 көрүҥ экспертизалары оҥорор болномуочуйалаах. Ол курдук, кини бу сулууспаҕа 29 сыл устата үлэлиирин тухары Россия ИДьМ Чурапчы улууһугар отдела уонна Россия Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениетын Чурапчытааҕы силиэстийэлиир отдела көбүппүт холуобунай дьыалаларынан хас эмэ сүүһүнэн ахсааннаах дактилоскопическай, баллистическай, трасологическай, почерковедческай уонна дьөлөр-быһа сотор уонна быраҕан эчэтэр тэриллэр экспертизаларын оҥорон кэллэ уонна салгыы оҥоро сылдьар. Кини экспертизаларын түмүктэрэсуох биир да холуобунай дьыала ситэ-хото силиэстийэлэммитинэн ааҕыллар кыаҕа суох. Ол курдук биир улахан суолтаны ылартөлөрүйбэт дакаастабылларынан буолаллар.
Отдел быстах кэмҥэ тутар изоляторыгар административнай быраабы кэспит дьону, ону тэҥэ уорбаланааччылары, буруйданааччылары харабыллааһын уонна хонбуойдааһын сулууспатыгар барыта 9 сотрудник (ол иһигэр биир кинолог) үлэлиир. Сулууспа начальнигынан полиция капитана Николай Николаевич Алексеенко буолар. Сулууспа үлэтин сыалынан-соругунан, бу сулууспа аатыгар да көстөрүн курдук, административнай уонна холуобунай буруйдары оҥорон суут быһаарыытынан араас болдьоххо хааллыбыт дьону тохтоло суох көрүү-истии, харабыллааһын уонна улуус сууттарын мунньахтарыгар, Дьокуускай куорат изоляторыгар, биитэр онтон төттөрү аҕалыыга тиэйии-таһыы буолар.
Полиция отдела туһунан улахан хаһаайыстыбалаах тэрилтэ буолар. Манна дьыл кэмнэригэр сөп түбэһэр сотрудниктар күннэтэ кэтэр формаларыттан, бары наадалаах экипировкаларыттан, сэбилэниилэриттэн, үлэлиир миэстэлэрин тэрийииттэн саҕалаан анал тырааныспар сириэстибэлэригэр, олору бензиининэн, саппаас чаастарынан хааччыйыыга, үлэлиир дьиэни-уоту тохтоло суох уотунан-күөһүнэн, уунан, кыһыҥҥы кэмнэргэ сылааһынан хааччыйыыга, өрөмүөннээһиҥҥэ тиийэ туһунан улахан үлэ ыытыллар. Бу үлэни ис сулууспа подполковнига Андрей Валерьевич Халгаев салайааччылаах тыыл сулууспата үрдүк таһымнаахтык иилиир-саҕалыыр. Кини салалтатынан анал аттестацияны ааспыт хас биирдии сотрудникка сыһыарыллыбыт байыаннай сэбилэниини, олор боеприпаастарын, араас көмүскэнэр-харыстанар тэриллэрин, атын да анал сириэстибэлэрин учуоттааһыҥҥа уонна хонтуруоллааһыҥҥа полиция младшай лейтенана Саргылана Александровна Монастырева эппиэтинэһи сүгэр. Ону таһынан бу сулууспаҕа информационнай технологияларга, сибээскэ уонна инфоромацияны араҥаччылааһыҥҥа инженер, суоппар кыһамньыларын ууран үлэлии сылдьаллар.
Тэрилтэ бары материальнай-техническэй хааччыллыытын балаанса сыыппараларыгар тиһэн учуоттуур-отчуоттуур, сотрудниктар, үлэһиттэр хамнастарын сөптөөхтүк ааҕар-суоттуур уонна кэмигэр төлөттөрөр үлэлээх бухгалтерияны Матрена Алексеевна Винокурова салайан бухгалтер Надежда Николаевна Старостиналыын бииргэ үлэлэтэллэр. Кинилэр таһымнаах үлэлэриттэн бүтүн отдел тохтообокко ыытар үлэтин ситиһиилэрэ улахан тутулуктаахтар.
Полиция отдела уонна биирдиилээн сулууспалар, сотрудниктар ыытар үлэлэрэ сокуоннар, атын аахталар нуормаларын иһиттэн тахсыбаттарын, сокуон-быраап өттүнэн бигэ тирэхтээх буолларын туһугар бу эйгэҕэ халыҥ уопуттаах үлэһит – ИДьМ бэтэрээнэ Ольга Николаевна Федотова юрист – консульт дуоһунаһыгар үлэлиир-хамсыыр. Кини хонтуруолун таһынан полиция отделын салалтатын биир да бирикээһэ, дьаһала ааһар кыаҕа суох. Ону тэҥэ сотрудниктарга үлэлэригэр сыһыаннаах саҥа тахсыбыт сокуоннары, сокуоннар уларыйыыларын, эбии киллэриллибит балаһыанньаларын билиһиннэрэр, үөрэтэр, атын хаһаайыстыбаннай тэрилтэлэри кытары дуогабарынан сыһыаннаһыылары көрөр-истэр, салайан биэрэр.
Россия ИДьМ Чурапчы улууһугар отделын араас хайысхалаах бары үлэтин ый аайы судаарыстыба статистикатыгар киллэрэр, нэһилиэнньэттэн киирбит иһитиннэриилэринэн ыытыллар бары бэрэбиэркэлиир үлэлэр уонна силиэстийэлээһин биэдэмистибэ бирикээстэринэн уонна процессуальнай сокуонунан олохтоммут болдьохторун тутуһууну хонтуруоллуур, полиция оперативнай-служебнай үлэтин салайыы көдьүүстээх буолуутугар, информационнай уонна аналитическай үлэҕэ, ону таһынан буолуон сөптөөх араас түгэннэргэ салалта уонна личнэй састаап мобилизационнай уонна байыаннай өттүнэн бэлэмнээх буолуутугар соругу туруорар уонна ону ситиһиигэ үлэлиир сулууспанан Штаб буолар. Бу сулууспаны ис сулууспа подполковнига Вера Дмитриевна Скрябина салайан исписиэлиис – ИДьМ бэтэрээнэ Вероника Семеновна Иванованы кытары тиһиктээх үлэни ыыталлар.
Билиҥҥи кэмҥэ ханнык баҕарар тэрилтэҕэ көстөрүн курдук, полиция отделыгар күннэтэ элбэх араас докумуоннар тастан киириилэрэ да, атын тэрилтэлэргэ аадырыстанан тахсыылара да, ону таһынан бэйэтин иһигэр эргийиилэрэ да туспа үлэни ыытыыны эрэйэр. Бу үлэ хайысхатынан дьыалалыры ыытыы уонна эрэсиим сулууспатынан ыытыллар. Манна канцелярия сэбиэдиссэйинэн хаһыс да сылын Венера Михайловна Евграфова уонна делопроизводитель Людмила Петровна Иванова докумуоннары учуоттааһыҥҥа, толоруу болдьохторун тутуһууга, анал архыыпка харайыыга үрдүк таһымнаахтык үлэлии сылдьаллар. Бу үлэ хайысхата атын тэрилтэлэртэн уратыта диэн – полиция отделыгар араас таһымнаах кистэлэҥ ис хоһоонноох докумуоннар, бирикээстэр киириилэрэ-тахсыылара буолар. Оннук докумуоннары учуоттуур, харайар ирдэбиллэри Венера Михайловна болномуочуйалаах сотрудниктартан ирдиир уонна хонтуруоллуур эбээһинэстээх.
Полиция отделын сотрудниктарын тустаах үлэлэрин таһынан иллэҥ кэмнэрэ төһө да кырыымчыгын иһин, улуус, нэһилиэктэр, үөрэх тэрилтэлэрэ ыытар бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлар, нэһилиэнньэ ортотугар чөл олох туһугар сэмэй кылааттарын киллэрэллэр.
Россия ИДьМ Чурапчы улууһугар отдела бэйэтин сулууспаларынан, хас биирдии сотрудниктарынан төһө да тус-туһунан хайысханан үлэлэрин ыытталлар, кинилэр тохтоло суох үлэлэрэ барыта түмүллэн улуус нэһилиэнньэтэ, хас биирдии олохтооҕо күннээҕи олоҕо-дьаһаҕа туруктаах буоларыгар, оҥоһуллубут буруйдарынан дьон-сэргэ кэһиллибит бырааптарын чөлүгэр түһэриигэтуһуланаллар, онон сиэттэрэн улуус социальнай-экономическэй сайдыытыгар төһүү күүс буолаллар.
Түгэнинэн туһанан, Россия ИДьМ Чурапчы улууһугар отделын личнэй састаабын, бары үлэһиттэрин уонна убаастабыллаах бэтэрээннэрбитин өссө төгүл Чурапчы улууһугар милиция тэриллибитэ 100 сылынан уонна чугаһаан кэлбит Россия Ис дьыалаларын уорганын сотруднигын күнүнэн итиитик – истиҥник салалта аатыттан эҕэрдэлиибит! Хас биирдиигит кытаанах доруобуйалаах буоларыгар, дьоммут-сэргэбит тустарыгар чэпчэкитэ суох үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥитигэр сылаас сыһыаны, өйдөһүүнү, или-эйэни баҕарабыт!
Россия ИДьМ Чурапчы улууһун отделын салайааччылара
Бэлэмнээтэ Семен Жендринскэй, «Саҥа олох» хаһыат, Чурапчы улууһа.