Чурапчылар улуустарын сайыннарар туһугар бэрэсидьиэн граныгар кыттарга бэлэмнэнэллэр

СӨ Ыччатын парламена уонна Чурапчытааҕы ыччат координационнай Сэбиэтин чилиэттэрэ өссө 2019 сыл сэтинньигэ Соловьев нэһилиэгэр буолбут “Вектор” форумҥа бииргэ үлэлииргэ сүбэлэспиттэрэ. Парламент тохсунньу ыйга “Эн бириэмэҥ” улуустааҕы ыччат баалыгар кэлэн кыттыыны ылбыта. Олунньу 15 күнүгэр “Норуот көҕүлээһининэн саҥа нэһилиэк” диэн ааттаах семинар буолла.


Чурапчы улууһугар ыччат координационнай Сэбиэтэ туспа балаһыанньаланан, устааптанан 2018 сылтан тэриллэн үлэлиир.

Эдэр дьокутааттар, уопсастыбаннай түмсүүлэр, СО НКО буолан түмсэннэр, Чурапчы улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Захаров салайааччылаах бастакы бөлөҕү менеджмент үрдүкү оскуолата, Чурапчы улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар туһулаан, онно сөптөөх практукуму үөрэттибит. “Утум” дьиэтигэр Сэбиэтин чилиэттэрэ, улуус дьаһалтатын социальнай салаатын начаалынньыга Мария Заболоцкая салайааччылаах кэлэн, СӨ эдэр ыччатын бырабыыластыбатын көрүүтүгэр үөрэннибит. Манна биһигини граны сөпкө суруйууга, толорорго сүбэлээтилэр. Ол түмүгүнэн, быйылгы бэрэсэдьиэн граныгар кыттыыны ылыахтаахпыт. Грант көмөтүнэн инникитин ыытыллар тэрээһиннэрбит харгыһа суох ыытыллалларыгар туһаныа этибит дии саныыбыт”, — диэн улуус дьаһалтатын ыччаты кытары үлэҕэ исписэлииһэ Анастасия Спиридонова кэпсиир.

“Сөбүлэҥ түһэрсиибитин чиҥэтээри, биһиги СӨ эдэр ыччатын парламенын кытары кэллибит. Сүрүннээн бырайыак туһунан кэпсэтиилэри ыытар семинар тэрийдибит. Бу олунньу 26 күнүгэр, бэрэсэдьиэн фондатын граныгар иккис куонкурус ыытыллыахтаах, ол иһин, чуолаан, НКО-рга бырайыактарын бэлэмнии сылдьар дьону түмэммит, грант сайаапкатыгар сөпкө толорууга үлэни ыыта сылдьабыт. Билиҥҥи туругунан, биэс бырайыактаахпыт, араас хайысхаларга арахсаллар, олор истэригэр биэнсийэлээхтэр, эдэр ыччат, эдэр ыаллар бааллар. Уопсайынан чурапчылар баар кыһалҕалары наһаа өйдүүллэр, ону быһараарга көдьүүстээхтик үлэлииллэр. Билигин орун-оннугар сааһылаан, сайаапкабытын толордубут. Бэйэм көрүүбэр олус интэриэһинэй бырайыактаахтар, ити барыта олоххо киирэрин туһугар бэрэсэдьиэн фондатын гранын сайаапката олус болҕомтолоохтук толоруллоро ирдэниллэр. Мантан салгыы көмөҕө, бырабыыталыстыба чилиэттэрэ Кэбээйи улууһугар барыахтара. Үлэбит үтүө түмүктэрдээх буоларыгар баҕарабыт”, — диэн СӨ эдэр ыччатын бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анастасия Сивцева санаатын үллэстэр.

Анастасия Николаевна эппитин курдук, семинар үтүө түмүктэрэ грант ылыытыгар көстөннөр, улууска тастан киирии үп эбиллэн, нэһилиэнньэ көҕүлээһинэ олоххо киирэригэр эрэллээхпит.

Ааптар: Сэмэн Жендринскэй, Чурапчы

This post was published on 17.02.2020 09:42 09:42