Чурапчылар окко былааннарын 51% толордулар

Чурапчы улууһугар 18,5 тыһ туонна от оттонно, былаантан 51%. Мобильнай биригээдэлэр 2,9 тыһ туоннаны бэлэмнээтилэр. Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы Александр Сивцев тиийбэт оту атын улуустартан, Амур уобалаһыттан атыылаһар былааннаахтарын этэр.


«Былырыын атырдьах ыйын 30 күнүгэр 34  тыһ туоннаттан тахса от оттоммута. Билигин дьон илиинэн охсууга киирдэ эрээри ардахтар мэһэйи үөскэттилэр. 45 мобильнай звеноттан 37-тэ окко үлэлиир. Отчуттар улуус ыраах учаастактарыгар, Өлүөнэ арыыларыгар, Уус Маайа Нуотара өрүһүн эргин, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Амур уобалаһыгар үлэлииллэр. Мобильнай биригээдэлэр 8746 туонна оту бэлэмниэхтэрэ», — диир кини.

2914 туонна оту улуустартан ыларга дуогабар түһэрсиллибит. Ити эрэн сорох сирдэргэ, холобур Кэбээйигэ, ойуур баһаара туран, былааннаммыт кээмэйтэн аҥара эрэ бэлэмнэнэр туруктаах.

Мугудай, Хоптоҕо нэһилиэктэрэ ойуур уотугар 90 туонна отторун былдьаппыттар.

Кыстыкка 14 700 туонна от ирдэнэр. 20 000 ынах сүөһүнү, 16 249 сылгыны кыстатарга уопсайа 38 тыһыынчаттан тахса от бэлэмнэнэрэ наада.

This post was published on 01.09.2021 11:09 11:09