Чурапчылар байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын көрүстүлэр

Хаартыска: Степан Саргыдаев телеграм ханаалыттан

Чурапчы улууһун дэлэгээссийэтэ байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарын баран көрүстүлэр, дьоннорун-сэргэлэрин кэһиилэрин тиэртилэр. Бу туһунан улуус баһылыга Степан Саргыдаев телеграмҥа ханаалыгар иһитиннэрдэ.

— Уолаттар көрсүһүүттэн, кэһииттэн астынан, үөрэн-көтөн, бар дьонноругар махталлара муҥура суох.

Кытаанах туруулаһыыга сылдьар хорсун, хоодуот уолаттарбыт санаалара бөҕөх. Буойуттар бары ахтылҕаннаах дойдуларыгар кыайыы-хотуу кынаттаах, үөрүү-көтүү көтөллөөх, өрөгөй ырыа аргыстаах эргиллэн кэлэллэригэр халбаҥнаабат бигэ эрэллээхтэр. “Саллаат! Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума!” — диэн алгыс тыллаах бар дьоммут илиилэрин сылааһын, сүрэхтэрин баҕатын иҥэрэн ыыппыт бу көмөлөрө кыайыыны чугаһаттын, дойдуларыттан ыраах сылдьар уолаттарбытыгар харысхал буолан, санааларын сааһылаан, куттарын бөҕөргөтөн, күүстэригэр күүс уган, ханнык баҕарар кыргыһыыттан кыайыылаах тахсалларыгар тулхадыйбат тирэх буоллун! Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуоҕа! Ол туһугар биһиги — бары бииргэбит! Чурапчы күүһэ — түмсүүгэ! Түмсүү түмүгэ — кыайыыга!, — диэн Степан Саргыдаев  суруйда.

Хаартыска: Степан Саргыдаев телеграм ханаалыттан

Саха сирэ

This post was published on 23.09.2024 11:37 11:37