Бүгүн, муус устар 8 күнүгэр Чурапчы улууһун киин нэһилиэгэр Саха сиригэр биллэриллибит тупсарыы сылын чэрчитинэн «Мы за чистое село» диэн научнай-практическай конференция ыытылынна.
Нэһилиэк баһылыга С.А.Саргыдаев бу дьаһал Чурапчы сэлиэнньэтин тэрилтэлэрин түмэн, эдэр көлүөнэбитин, кэнчээри ыччаппытын тупсаҕайдык олоруу сиэригэр-туомугар үөрэтии чэрчитинэн ыытылларын бэлиэтээтэ.
Конференция түмүгүнэн бастыҥ бырайыактар дьаһалта үлэтигэр туһалаах буолууларын, кэккэ хайысхаларга туһаныллыахтарын эттэ.
100-тэн тахса оҕо, улахан дьон 5 секциянан арахсан тахсыылаахтык үлэлээтилэр. Кыайыылаахтар Чурапчы нэһилиэгэ муниципальнай тэриллии дьаһалтата анаан туруорбут сыаналаах бириистэрин туттулар.
Экспердэринэн тутуу срециалистара, экологтар, педагогтар, инженердэр, общественниктэр үлэлээтилэр.
This post was published on 08.04.2016 11:39 11:39