8 Балаҕан ыйа 08.09
  • 13°
  • $ 89,82
  • 99,72

Чурапчыга саҥа архыып-бибилэтиэкэ бастакы сыбаайатын уурдулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн Чурапчы улууһун киинигэр саҥа архыып-бибилэтиэкэ бастакы сыбаайатын уурдулар. Тутууну «Мин Сахам сирэ ХХІ үйэҕэ» үтүө дьыала өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһынын дьаһалларын олоххо киллэрии чэрчитинэн оҥоһуллар, диэн СИА-ҕа  «Чурапчы улууһа» пресс-киинэ иһитиннэрэр.

«Бүгүн бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэ уонна бибилэтиэкэрдэр, ону тэҥэ, бары кинигэ ааҕыытын сэҥээрээччилэр күннэрин, маннык тэрээһининэн бэлиэтээтибит. Эһиил номнуо саҥа дьиэ аанын аһыахпытын сөп. Бибилэтиэкэбит-Егор Афанасьевич Борисов аатынан сүгүөҕэ, манна кинигэ эрэ пуондата буолбакка, ыччаты кытары үлэлиир, түмэр сир буолуоҕа. Саҥа тэрилтэ дьиэтин урукку поликлиника эргэ дьиэтин оннунан тутуохтара, манна олохтоохтор духуобунай төрүттэрэ сайдыаҕа. Хайыы- үйэ бу объект тутуута баран иһэрэ үөрдэр, биһиги оройуоммутугар саҥа, социальнай объектар тутуллуохтара», — диэн  Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев бэлиэтээтэ.

Саҥа икки этээстээх дьиэ уопсай иэнэ — 755 кв. м. Бэдэрээччитинэн «ПД- инжиниринг»  буолуоҕа, объегы 2023 сыл алтынньытыгар тутан бүтэрэр былааннаахтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА