Чурапчыга сүппүт булчут саппыкытын уонна таҥаһын буллулар

Мария Васильева хаартыската/ЯСИА

Бэҕэһээ, алтынньы 9 күнүгэр, Чурапчы улууһугар сүппүт булчут саппыкытын уонна таҥаһын ууттан булбуттар. Мырыла 37 саастаах олохтооҕо ааспыт нэдиэлэҕэ, алтынньы 2 күнүгэр сүппүтэ. Бу туһунан СӨ быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.

Биллэринэн, бу киһи доҕотторун кытта бултуу барбыт. Аара МТЗ-85 тыраахтардара нэһилиэнньэлээх пуунтан 25 км тэйиччи сиргэ алдьаммыт. Онуоха бу эр киһи дьиэтигэр төннөн, саппаас чаастарын ылбыт. Алтынньы 2 күнүгэр алдьаммыт тыраахтарыгар айаннаабыт, Амма өрүһү мотуордаах оҥочонон туораабыт уонна сатыы барбыт. Кытылга хаалларбыт тыыта баар. Алтынньы 7 күнүгэр икки доҕоро кинини көрдөөн, тыраахтарга диэри тиийбиттэр да, булбатахтар.

Алтынньы 8 күнүгэр булчуту көрдүү диэн Чурапчытааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээт үс быыһааччыта туруммут. Билигин кинини 30 киһи көрдүүр, квадрокоптер уонна үс тиэхиньикэ баар.

Саха сирэ

This post was published on 10.10.2024 11:06 11:06