Чурапчыга үс олбуор ууга барда

Фото: социальные сети

Чурапчы оройуонугар Куохара үрэх уута үрдээтэ. Онтон сылтаан Чурапчы нэһилиэгэр үс учаастак ууга барда. Бу туһунан СИА-ҕа оройуон баһылыга Степан Саргыдаев иһитиннэрдэ.

«Уу тиэргэннэр кытыыларын эрэ ылла, дьиэлэргэ тиийэ илик, онон улахан уу кэлбитин туһунан этии суох. Билигин биһиэхэ барыта хонтуруолга сылдьар, бу учаастактар олохтоохторун кытта сибээстэһэ олоробут», — диэтэ Саргыдаев.

Санатан эттэххэ, уу таһыма үрдээһинэ Кэбээйи, Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар эмиэ бэлиэтэнэр.

This post was published on 11.05.2023 17:05 17:05