Чурапчыга үрэх уута халлаан күөҕэ өҥнөммүт

Whatsapp ситимҥэ Чурапчыга үрэх уута халлаан күөҕэ буолбут хаартыскалара тарҕаннылар. Омос көрдөххө, кырааска тохтубутун курдук.

«Ардах кэннэ бу үрэх уута, Чурапчы ыпсыытыгар Ханылы үрэх уута күөх өҥнөммүт, отчут түһэрэн ыыппыт», — диэн быһаарыы суруктаах. Экология министиэристибэтэ эппитинэн, билигин бу миэстэни Чурапчы уонна Мэҥэ Хаҥалас  улууһун айылҕа харыстабылыгар инспектордара көрдүү сылдьаллар. Ону кытта хаартыска фотошоптаммыт буолуон сөп диэн сабаҕалааһын эмиэ баар. Бэрэбиэркэ барар.

This post was published on 02.08.2018 13:00 13:00