«Ардах кэннэ бу үрэх уута, Чурапчы ыпсыытыгар Ханылы үрэх уута күөх өҥнөммүт, отчут түһэрэн ыыппыт», — диэн быһаарыы суруктаах. Экология министиэристибэтэ эппитинэн, билигин бу миэстэни Чурапчы уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун айылҕа харыстабылыгар инспектордара көрдүү сылдьаллар. Ону кытта хаартыска фотошоптаммыт буолуон сөп диэн сабаҕалааһын эмиэ баар. Бэрэбиэркэ барар.