Чурапчыга палеонтология наукатыгар инникитин көстүбэтэх булумньулар тула үлэ ыытыллыаҕа

Фото: Семен Жендринский, Чурапчинский улус

Чурапчы улууһугар инньэ 1970-с сыллартан араас харамайдар уҥуохтара көстүтэлээн барбыттара, ол курдук былырыын чугас Хатылы нэһилиэгиттэн Сэмэн Дорогунов бэрт улахан сэлии муоһун булбута онтон күһүөрү балаҕан ыйыгар Арыылаах-Кытаанах икки ардыгар эмиэ сэлии, бизон кырамталарын буланнар учуонайдар онно тустаах үлэлэрин ыытан турардаахтар.

Онтон бүгүн, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Сивцев кабинетыгар Саха сиригэр киэҥник биллэр учуонайдар, СӨ НА мамнтовай фауна отделын чинчийээччи-инженерэ Иннокентий Павлов уонна б.н.к, кылаабынай научнай сотрудник Альберт Протопопов кэлэннэр өтөрүнэн истибэтэх сонуннарбытын сырдаттылар.

Арай биир күн үлэлии олордохпутуна сэлии уҥуохтара диэннэр, Чурапчы уолаттара аҕаллылар. Ол ону Иннокетий Семеновичка аҕалан туттардым, дьарыктан диэтим. Кини онно атырдьах ыйын бүтүүтэ интэриэһиргээн кэлэ сылдьан арай, былыргы дьон суолларын булла, ол иһин интэриэһиргээтэ аҕай. Чурапчыттан уҥуохтары аҕалбыт уол Одьулуунтан Арсен диэн. Былырыын кэлэн ол иһин хаста, онно барыта 20-чэ куул уҥуоҕу булан аҕалбыта. Сэлии уҥуохтара диэммит улаханнык наадыйбатыбыт. Онтон алтынньы ыйга ол уҥуохтарбытын чинчийэ олорон көрбүппүт, олох атын уҥуохтар көһүннүлэр. Ити кэнниттэн атырдьах ыйыгар, бу атын, бу атын диэн барытын дакаастаата. Элбээн киирэн барда. Онно биир кып-кыра, сурок диэххэ дуу, хомяк эбитэ дуу – ол уҥуоҕуттан саҕаламмыта. Ити харамайбыт алын сыҥааҕа көстүбүтэ, онуоха Москуба куоракка Галина Данчикованы кытары көрсүһүүгэ бара сылдьаммын онно исписэлиистэргэ илдьэммин көрдөрбүтүм. Ол исписэлиис билиҥҥээҥи диэри ханнык харамай уҥуоҕа буоларын кыайан быһаара илик.

Олунньу 27 күнүгэр Москубаҕа улахан палеонтологическай сэминээр тэриллибитэ. Итиннэ Иннокентий Семенович былыргы уҥуохтарын илдьэ тиийэн лекция аахпыта уонна быһааралларыгар көрдөспүтэ.

Инньэ гынан бүгүҥҥү күннээххэ үс харамай чуолкайданан тураллар: антилопа икки көрүҥэ (улахана, кырата) уонна козерог. Ол иһин этэбит, мамонтовай үйэҕэ ити ааттаммыт көрүҥ кыыллар ханан да суохтар, наукаҕа хаһан даҕаны ааттамматахтара. “Билигин кинилэр хаһан, ханнык кэмҥэ олоро сылдьыбыттарай?” диэн боппуруос үөскүүр. Уҥуохтарга өссө да кыайан быһаарылла илик харамайдар уҥуохтара элбэх, кинилэр ортолоругар баҕар муора харамайдара бааллара буолуо. Итини санаатахха, “муора

билигин ханан сытарый? Онтон Чурапчы ханна турарый?” диэн буолар. Бу тула толкуй элбэх. Онон Чурапчыга булумньу неординарнай диибит. Бу Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр хаһан да булуллубутах арыйыы диэххэ сөп. Онон бу маны барытын үөрэтэргэ Чурапчы улууһугар стационар тэрийээри гынабыт, — диэн биологическай наука кандидата Альберт Васильевич кэпсээтэ.

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Егор Сивцев уонна улуустааҕы КУМИ салайааччыта Рустам Данилов маны барытын сиһилии иһиттилэр, булумньулар көстүбүт сирдэрин чуолкайдаһан учуонайдар салгыы үлэлэһэллэригэр кыах биэрэр гына салгыы үлэлэһиэхтэрэ.

Онон мантан сайын Чурапчы улууһугар, палеонтология науката Чурапчинская фауна эбэтэр Чурапчинская свита диэн саҥалыы тиэрмини оҥорон таһаарарын күүтэбит. Москуба куораттан, атын омук сирдэриттэн үгүс учуонай кэлэн барыа, Чурапчы аата Аан дойдуга ааттаныа, туризм сайдыа диэн сабаҕалыыллар.

Ааптар: Семен Жендринскай, Чурапчы улууһа

санаолох.рф

This post was published on 05.04.2023 16:02 16:02