Бүгүҥҥэттэн о.э. от ыйын 28 күнүгэр, Чурапчытааҕы судаарыстыбаннай физическэй култуура уонна успуорт үнүстүүккэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи, илин эҥэртэн биэс улуус, тустаах министиэристибэлэр, уопсайа 91 киһи кыттыылаах тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, үс төгүрүк остуолунан стратегическэй сиэссийэ саҕаланна.
“Манна сүрүннээн үүт, от, тыа хаһаайыстыбатын бырабылыанньатын тутулунан төгүрүк остуоллар ыытыллыахтара. Хас биирдии дьарыкка үстүү спикер, модератордар үлэлиэхтэрэ. Онтон сарсын, эбиэттэн киэһэ планернай чааска уопсай түмүк ылыныллыаҕа. Итини таһынан биһиги улууска бүгүн, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров үлэлии кэллэ”, — диэн улуус баһылыгын тыа хаһаайыстыбатыгар солбуйааччы Анжелика Неустроева кэпсээтэ.
Үөһэ этиллибитин курдук 91 киһи ахсааныгар өрөспүүбүлүкэ араас министиэристибэлэрин, департаменнарын салайааччылара, кинилэри сэргэ биэс улуус баһылыктара, тыа хаһаайыстыбатын начаалынньыктара, Чурапчы улууһун 17 нэһилиэгин баһылыктара, оҥорор таһаарар тэрилтэлэр салайааччылара, бааһынай хаһаайыстыба баһылыктара кэлэннэр кыттыыны ыла сылдьаллар.
“Биһиги тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис стратегическэй сиэссийэҕэ кэлэн үлэбитин саҕалаатыбыт. Сиэссийэбит уопсай аата “Инновация в сельском хозяйстве” диэн. Бүгүн үс төгүрүк остуолга арахсаммыт үлэлиэхтээхпит. Бэйэм “Рациональное использование сенкосных угодий” диэн хайысхаҕа модератордыыбын. Онно үс бөлөххө арахсаммыт дьарыктаныахпыт. Манна Таатта, Уус Алдан, Чурапчы улуустарын оттуур ходуһаларын хайдах сөптөөхтүк туһаныахпытын сөбүй диэн тиэмэҕэ үлэни дьүүллэһиини ыытыахтара. Уопсайа 30 киһи кыттыыны ылыаҕа, тиэмэлэринэн үлэлэр икки күн устата ыытыллыахтара. Мантан киэһэ бөлөхтөр туох кыһалҕалар, үтүө өрүттэри, төһө кыах баарын, хантан куттал суоһуурун тус-туспа арааран көрүөхтээхтэр. Онтон салгыы туруоруллубут боппуруоһу быһаарарга сөптөөх суолу-ииһи тобулуохтара, онтон сарсын үлэ түмүгүнэн кинилэр бэлэм бырайыагы оҥорон көмүскүөхтээхтэр. Ол киирбит бырайыактары биһиги министиэристибэбит уонна үрдүкү инновация оскуолата ырытан, чопчулаан бэлэм бырайыагы оҥорон таһаарыахтара”, — диэн СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үүнээйигэ уонна мелиорацияҕа материальнай-техническэй хааччыйыы департаменын салайааччыта Вячеслав Гаврильев билиһиннэрдэ.
Сэмэн Жендринскэй
This post was published on 28.07.2022 15:35 15:35