28 Кулун тутар 28.03
  • -13°
  • $ 92,59
  • 100,27

Чурапчыга хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааманан саҥа дьиэ сыбаайатын уурдулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Чурапчы улууһугар хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааманан элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэни тутуу саҕаланна. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Чурапчы нэһилиэгэр 25 кыбартыыралаах саҥа дьиэ бастакы сыбаайатын уурдулар.

«Үлэлии турар бырагыраама көмөтүнэн 24 ыал хаарбах туруктаах дьиэлэриттэн итии-тымныы уулаах, ититиилээх саҥа дьиэлэргэ көһөр кыахтаннылар. Бу судаарыстыба уонна муниципальнай былаас өттүттэн тыа сирин олохтоохторун олорор усулуобуйаларын тупсарыыга улахан көмө буолар», — диэн оройуон баһылыга Степан Саргыдаев бэлиэтээтэ.

Санатан эттэххэ, хаарбах уонна аварийнай туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагыраамата 2013 с. үлэтин саҕалаабыта. Бырагыраама иккис түһүмэҕэ Владимир Путин көҕүлээбит «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагынан олоххо киллэриллэр уонна Саха сирин бары оройуоннарыгар уонна куораттааҕы уокуруктарыгар 2025 сылга диэри үлэлиир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА