22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Чурапчыга Егор Борисов аатынан саҥа бибилэтиэкэ-архыып аһылынна

Хаартыска: Сэмэн Жендринскэй, Саҥа олох хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Чурапчы улууһа сылын ахсын тупсан, киэркэйэн, сайдыы суолун тутуһар. Ол курдук, баараҕай, социальнай суолталаах тутуулар олоххо киирэннэр, нэһилиэнньэ олоҕун уйгута тупсан иһэр. Бүгүн Чурапчы нэһилиэгин килбэйэр киинигэр Егор Афанасьевич Борисов аатынан улуустааҕы бибилэтиэкэ-архыып дьиэтэ аһылынна.

Саҥа, билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттиир бибилэтиэкэ дьиэтэ икки этээстээх, 600-тэн тахса кв.м. иэннээх.

    

     

Сахалыы сиэринэн саҥа дьиэ аһыллыытыгар Иван Попов алгыс түһэрэн арчылаата.

Үөрүүлээх дьаһалга, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сенатора Егор Борисов, улуус баһылыга Степан Саргыдаев, СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбыннай мунньаҕын дьокутаата Павел Пинигин, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Мария Турантаева, СӨ национальнай бибилэтиэкэтин дириэктэрин бастакы солбуйааччы Василий Борисов, уопсай Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Үтүө дьыала» хамсааһын «Моя Якутия в 21 веке» салайааччыта Алексей Петров, “Туймаада нефть” хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Степан Чепалов эҕэрдэ тылларын эттилэр.

       
«Биһиги бу күнү өр да кэтэстибит. Былырыын ардаҕа суох ыраас сайыҥҥы күҥҥэ Егор Афанасьевич аатынан бибилэтиэкэ-архыып бастакы сыбаайатын түһэрбиппит. Быйыл, биир баар- суох ытыктыыр киһибит үбүлүөйдээх сылын көрсө, олус тупсаҕай, саҥа эбийиэк олоххо киирбитинэн, өссө төгүл эҕэрдэбин тиэрдэбин. Бу дьиэҕэ үлэ-хамнас былаана киэҥ. Ол курдук, эдэр ыччаты, саҥа каадырдары үүннэрэн таһаарар өй-санаа кыһата буолуоҕа», — диэн улуус баһылыга Степан Анатольевич эттэ.

Егор Афанасьевич: «Ханнык баҕарар нэһилиэккэ, ханнык баҕарар сиргэ – уокка дьон – сэргэ сайдыыны, тутууну быһаарар. Тутуу эбийиэктэрэ баар буоллахтарына, ол нэһилиэк, улуус сайдар. Онон бүгүн үүнэргэ-сайдарга биир эмиэ улахан түһүлгэ аһылынна. Төрөөбүт улууһум маннык биир кэм сайдан, бииртэн-биир кыайыылары ситиһэн иһиэ диэн эрэнэбин», — диэн эттэ.

Улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ-архыып дириэктэрэ Вера Аполлоновна биир идэлээхтэрин, олохтоохтору истиҥник эҕэрдэлээн туран, бибилэтиэкэ-архыып дьиэтэ тутуллуутугар күүс-көмө, өйөбүл буолбут дьоҥҥо истиҥник махтанна.

    
Бибилэтиэкэ мантан инньэ култуурунай, иитэр-үөрэтэр үлэтэ өссө таһаарыылаах буолуо диэн олохтоохтор үөрэллэр. «Бүгүн бүтүн өрөспүүбүлүкэ бибилэтиэкэлэрин эйгэтигэр улахан сырдык бэлиэ күн. Ол курдук, икки этээстээх саҥа таас бибилэтиэкэ үлэҕэ киирбитинэн, олохтоохтор, ааҕааччылар олус үөрэбит. Өр кэм ыра оҥостубут баҕа санаабыт туолла. Мин 40 — ча сыл киин бибилэтиэкэҕэ таһаарыылаахтык үлэлээбитим. Онон үөрүүм муҥура суох. Саҥа бибилэтиэкэ билиҥҥи ирдэбилгэ сөп түбэһэн, сайдыыны, үүнүүнү түстээн, элбэх ааҕааччылардаах үлэлиэ диэн эрэнэбин»,- диэн Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо Наталья Захарова үллэстэр.

Саҥа, тупсаҕай бибилэтиэкэ-архыып дьиэтэ дьон-сэргэ духуобунай өттүнэн сайдарыгар, билиини-көрүүнү иҥэринэригэр бигэ олугу ууруоҕа.

Людмила Горохова, Сэмэн Жендринскэй хаартыскаҕа түһэриитэ.

Видео Наталья Сибирякова

Источник: «Саҥа олох» хаһыат
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА