Чурапчы оройуонун 41 колхуоһун дьоно 1942 сыллаахха хоту улуустарга күүс өттүнэн көһөрүллүбүттэрэ. Барыта 5318 киһи, 1837 дьиэ кэргэн Кэбээйи, Эдьигээн, Булуҥ оройуоннарыгар атаарыллыбыттара.
Көһөрүү дьаһалын кыттыылаахтара дойдуларыгар быстар аҥаардара эрэ эргиллибитэ. Бу алдьархай улуус сайдыытын 30-ча сыл атахтаабыта, дьоммут-сэргэбит ахсаанын лаппа аҕыйаппыта.
Маннык ыарахаттары ааспыт оройуон дьоно харытын ньыппарынан, охсуулаах үлэтинэн, мындыр өйүнэн, сатабылынан, дьүккүөрүнэн-дьулуурунан, олох бары эйгэтигэр ситиһиилэнэн, билигин өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ көрдөрүүлэрдээх улууһунан буолар.
Бүгүн, 2021 сыл балаҕан ыйын 19 күнүгэр Чурапчыга ардах тохтообокко, сэниэтэ суох ибиирдиир, тымныы тыаллаах күн. Сэрии ыар тыыныгар хаарыллыбыт биир дойдулаахтарбытын сырдык ааттарын кэриэстиир, чүмэчи уотун уурар күммүт, суруйда «Саҥа олох» хаһыат.
This post was published on 19.09.2021 14:13 14:13