Чурапчыга тиэргэннэри уонна дьиэлэри уу ылбата. Ол эрээри сэлиэнньэҕэ халааҥҥа бэлэмнэнэн, быһыты бөҕөргөтөллөр. Бу туһунан СИА-ҕа нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Алексей Егоров кэпсээтэ.
“Халаан Чурапчыга кутталы үөскэтэр, сэлиэнньэ Куохара сүнньүгэр сытар. Быһыты бөҕөргөтүүгэ 300 тахса киһи таҕыста”, — диэтэ Алексей Егоров.
СИА.