Чурапчыга “Эрэл” социальнай бырайыак саҕаланна. Уустук балаһыанньаҕа киирбит оҕолоох ыаллары кытта дьиэ кэргэн дьыалатынан дьарыктанар управление уонна сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр киин исписэлиистэрэ үлэлииллэр. Улуус дьаһалтата тэрийэр.
“Эрэл” бырайыак чэрчитинэн элбэх оҕолоох ийэлэр олохторун укулаатын сөптөөхтүк тэринэллэригэр сүбэ-соргу биэриитэ бастакы соругунан буолар. Онон дьиэ кэргэн экономикатын сайыннарыыга ийэлэр кулууптара үлэлиэҕэ, оттон улуустааҕы култуура салаатын иһинэн “Дэгиттэр” эдэр исписэлиистэр түмсүүлэрэ “Мимика” куруһуокка оҕолору дьарыктыахтара.
П.Н. Сокольников аатынан оройуоннааҕы кииннэммит балыыһа наркологическай кабинетыгар аһыы утахха ылларбыт төрөппүттэри куһаҕан дьаллыктан босхолуурга ылсыахтара. Сайыҥҥы өттүгэр нэһилиэктэринэн биир күннээх дьиэ кэргэн лааҕырдарын айылҕаҕа үлэлэтиэхтэрэ. Лааҕырга улуустааҕы култуура уонна үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ, дьиэ кэргэҥҥэ уонна ыччакка социальнай-психологическай өйөбүлү оҥорор киин исписэлиистэрэ кыттыһыахтара.
Олунньу 19 күнүгэр улуус дьаһалтатын дьиэтигэр, улуустааҕы дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах салаата (Бушкова Т.П.) тэрийиитинэн, ыарахан турукка киирбит ыаллары кытта үлэни барыллааһыҥҥа ыйыы биэрэр, сүрүннүүр мунньах ыытылынна. Нэһилиэктэргэ дьиэ кэргэн дьыалаларынан дьарыктанар исписэлиистэр кыттыыны ыллылар. ““Эрэл” бырайыагы билистибитит. Социальнай хайысхалаах бырагырааманан хайдах үлэлииргэ ыйыы-кэрдии биэрдилэр. Олус дириҥ толкуйдаах, дьиэ кэргэн туруктаах буолуутугар олус суолталаах этиилэр бааллар. Элбэх мунаарар боппуруостарбытын ырытыстыбыт. Кэнникки сылларга дьиэ кэргэн исписэлииһин дуоһунаһыгар эдэр дьон үлэлиирэ элбээбитинэн, маннык уопут атастаһыыта олус наадалаах”, — диэн мунньах кыттааччылара санааларын эттилэр.
This post was published on 20.02.2020 10:44 10:44