Саҥа дьыллааҕы уһун каникул кэмигэр Степан Кузьмич Макаров аатынан Чурапчы гимназиятыгар “Тумус кыһата” ресурснай киин 20 үөрэнээччини эр хоһуун оскуолатыгар уһуйар. Киэҥ-куоҥ, баараҕай үөрэх кыһатыгар уолаттар икки күн устата булт дьикти абылаҥар ылларан, урут билбэтэх-көрбөтөх эйгэлэрин бэйэлэригэр арыналлар.
История учуутала, “Эр хоһуун” бырайыагы биир сүрүн тэрийээччи Иван Терентьевич Пономарев кэпсииринэн, тохсунньу 5-6 күннэригэр ыытыллар “Эр хоһуун” кыһыҥҥы оскуола гимназия иһинэн үлэлиир “Тумус кыһата” ресурснай киин биир сүрүн чааһынан буолар. Бу оскуола үһүс сылын тэриллэн үлэлиир, ол иннинэ пандемиянан сибээстээн тэйиччиттэн ыытыллыбыт. Бу икки күҥҥэ толору бырагыраамалаах тэрээһиннэр, үөрэхтэр буола тураллар. Ол курдук бэҕэһээ, үөрэнээччилэри бэйэ-бэйэлэригэр билиһиннэрэ таарыйа тимбилдинг хамаанданы тэрийэр оонньуу, ону сэргэ саха итэҕэлин туһунан Степан Дмитриевич кэпсээбит. Андрей Саввин аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ лекцияларга кыыллар тустарынан, өбүгэлэрбит туттубут малларын-салларын туһунан үөрэх ыытыллыбыт.
Уопсайа 20 оҕо (5-8 кылаас уолаттара) кэлэн кыттыыны ыла сылдьар. Чурапчы нэһилиэгин оскуолаларыттан, Хоптоҕо, Одьулуун нэһилиэгин үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн кэлбиттэрэ биһирэбиллээх.
«Бу саастарыгар уолаттар барыны-бары интэриэһиргиир, билэ-көрө сатыыр, эппиккэ диэри “чиччигинии” сылдьар кэмнэрэ. Оскуоланы иилээн-саҕалаан ыытаһыҥҥа дириэктэри научнай үлэҕэ солбуйааччы Ирина Саввична оруола улахан. Бу бырайыак төрүт хаамыытын саҕалаабыт киһинэн дириэктэрбит Юрий Михайлович Слепцов буолар. Бүгүн быраактыка өттүнэн дьарыктар ыытыллыахтара, холобура бу билигин Сергей Сергеевич сааны хайдах туттарга үөрэҕи ыыта турар уонна аҕалар түмсүүлэрэ кытта сылдьаллар. Итилэри сэргэ сохсо оҥорооһунугар Прокопий Прокопьевич иилиир-саҕалыыр, миэнэ куобахха туһах көрүҥнэрэ, Георгий Иванович куһу ыҥырарга маноктарга дьарыктыаҕа уонна Сергей Сергеевич балыктааһын ньымаларын ыытыахтаах. Онон түөрт хамаандаҕа арахсан үлэлиэхтээхтэр”, — диир Иван Терентьевич.
“Тумус кыһатыгар” үһүс сылын дьарыктанар гимназия 8 “в” кылааһын үөрэнээччитэ Дима Чепалов: “Бу оскуолаҕа үһүс сылбын сылдьабын, каникул кэмигэр улахан тугу да гынарым суох буолан бэйэм баҕабынан үөрэнэбин. Бэйэм булка хаһан даҕаны сылдьа иликпин гынан баран, бу манна үөрэммит билиибин туһанан тыаҕа тахсыахпын баҕарабын. Бастакы сылга барыта булт туһунан кэпсээбиттэрэ, быһаарбыттара ол онно куйуур, муҥхалааһын, сааны туһаныы ньымалара бааллара. Иккис сырыыбар IT-технология, интернет туһунан интэриэһинэй үөрэх буолбута. Билигин очнай буолан булт туһунан билиини үчүгэйдик үөрэттибит. Инникитин халлаан сылыйдаҕына тыаҕа тахсан дьарыктанарбыт буоллар диэн баҕа санаалаахпын, табаарыстарым эмиэ ол оннук саныыллар”, — диэн санаатын үллэстэр.
“Маннык оскуола үлэлиэхтээҕин туһунан маҥнай ийэм эппитэ, ол онно тута сөбүлэһэммин Чурапчыга кэлбитим. Булт туһунан эрдэ тугу да үчүгэйдик билбэт этим. Оттон манна кэлэн элбэх оҕону кытары билистим. Үөрэтэллэрэ үчүгэй, эбиэттэтэллэр. Бэйэбит оскуолабытыгар бу маннык үөрэх буолара буоллар быдан элбэх уол сылдьыа эбитэ буолуо дии саныыбын”, — диэн Одьулуун орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Иван Демешин санаатын эттэ.
Үөрэх түмүгэр брейн-ринг, ыспартыыбынай куоталаһыылар, кыттааччыларга сертификаттары туттарыы тэрээһинэ буолара былааннанар.
Ааптар, хаартыска: Сэмэн Жендринскай, Чурапчы улууһа
This post was published on 06.01.2022 14:49 14:49