Чурапчы улууһун тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга саҥа кэнсиэпсийэ барыла оҥоһулунна

Чурапчы улууһун дьаһалтата 2020 сылы Тыа хаһаайыстыбатын сылынан биллэрбитэ. Хайысхаҕа саҥа кэнсиэпсийэ барыла оҥоһулунна, нэһилиэнньэ дьүүллэһиитигэр таһаарылынна, диэн суруйар edersaas.ru.


Чурапчы улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениета “Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын кэнсиэпсийэтэ уонна сыллааҕы дьаһаллар былааннара” диэн бырайыак барылын оҥорон, нэһилиэнньэ дьүүллэһиитигэр таһаарда.

Улуус дьаһалтатын баһылыга, Экэниэмикэ сэбиэтин салайааччы Андрей Ноговицын бэлиэтииринэн, бу кэнсиэпсийэ АПК-ны өйөөһүн саҥа ырычаахтарыгар киирэргэ табыгастаах усулуобуйаны тэрийэргэ, биирдиилээн бытарыйбыт хаһаайыстыбалары кииннииргэ, түмэргэ тирэх буолуоҕа. Ол барыта дьоҕус хаһаайыстыбалары эмиэ болҕомтоҕо ыларга, нэһилиэнньэни дьарыктаах оҥорорго, кинилэр дохуоттарын үрдэтэргэ туһаайыллыаҕа.

Дьүүллэһии түмүгүнэн, кулун тутар ортотугар “Чурапчы улууһугар 2019-2020 сс. тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы” диэн тус сыаллаах муниципальнай бырагырааманы олоххо киллэрии чэрчитинэн, Тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулары граннарынан өйөөһүн бэрээдэгэ ылыллыаҕа.

This post was published on 02.03.2020 09:19 09:19