Чурапчы улууһун оҕуруотчуттарыгар агитбригада сырытта

Чурапчы улууһун култуура үлэһиттэрэ улуус баһылыгын кытары Мындаҕаайыга “Сайдыы” тыа хаһаайыстыбатыгар, оскуола бааһынатыгар сырыттылар. Кинилэр салгыы отчуттарга тиийиэхтэрэ, кэнсиэр, сонун кэпсиэхтэрэ, үлэ дьонун сэргэхситиэхтэрэ. Бу туһунан Чурапчы улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


“Сайдыы” тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта Данил Павлов «Дьиэҕэ олорон, дьиэ кэргэн экономикатынан дьарыгыр» диэн улууска биллэриллибит бырагырааманы өйөөн, Чурапчы улууһун 104 ыалыгар хортуоска олордорго диэн биир бастыҥ бааһынатын биэрбитэ. Бэйэ бас билэр сирэ суох — элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр олохтоохторо, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолордоох, элбэх оҕолоох ыаллар фермер бааһынатыгар хортуоска олордубуттара. Олохтоохтор үүнээйилэрин бэйэлэрэ харайаллар.

«Данил Павлов бу саас биир бастакыннан бачыымы өйөөбүтэ. Үүнээйи билигин үчүгэй, күһүн учугэй түмүгү ылыахыт диэн эрэнэбит», — диир улуус баһылыга Андрей Ноговицын.

Агитбригада оскуола хаппыыста (4 га), моркуоп (1 га), сүбүөкүлэ (1 га), хортуоппуй (3 га) олордубут бааһынатыгар сырытта. Хаһаайыстыбаны «Эйгэ» СХПК бэрийэр, оскуола кэлэктиибэ субботниктары ыытан көмөлөһөр. Билигин оҕуруот үлэтин үгэнэ, онон үлэһиттэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлииллэр.

This post was published on 29.07.2020 16:01 16:01