Чурапчы улууһун киин балыыһатыгар саҥа массыына кэллэ

«Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн, “2021-2025 сылларга доруобуйа харыстабылын бастакы звенотун саҥардыы” эрэгийиэннээҕи бырагырааманан оройуоннарга анаан 22 «Суһал көмө» массыына көрүлүннэ.

Бу күннэргэ Чурапчытааҕы киин балыыһаҕа саҥа массыына кэллэ.

Массыына ыарыһахтары таһарга, эми-тому, бородууктаны, хаһаайыстыбаннай наадалаах малы-салы тиэйэргэ анаан, чуолаан нэһилиэк балыыһатыгар бэриллиэҕэ, диэн «Садҥа олох» хаһыат телеграм-ханаалыгар сурулунна.

Источник: @sanaoloh

This post was published on 30.09.2022 15:21 15:21