Дьокуускайга Чурапчы улууһун күннэринэн ситимнээн үгүс тэрээһин ыытылынна. Чурапчылар Саха тыйаатырыгар сылдьан, Семен Яковлев-Эрилик Эристиин арамаанынан «Маарыкчаан ыччатара» испэктээги астына-дуоһуйа көрдүлэр.
«Биһиги улууспут төрүттэммитэ 92 сылынан, Саха АССР 100 сылынан, улууспутугар Ийэ сир сыла биллэриллибитинэн улахан тэрээһиннэри ыыттыбыт. Тэрээһиммит биир чаҕылхай түмүгүнэн «Маарыкчаан ыччаттара» историческай айымньынан Сергей Потапов режиссердаах испэктээк буолла. Бэлиэтээн эттэххэ, биһиги улууспутуттан төрүттээх, быйыл 130 сыллаах үбүлүөйдээх суруйааччыбыт Эрилик Эристииин арамаана аан бастаан маннык улахан сыанаҕа таҕыста», — диэн Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев санаатын үллэһиннэ.
This post was published on 28.03.2022 18:05 18:05