Сахабыт сирин үрдүнэн сааскы булт кэмигэр араас быһылааннар тахса тураллар.
Бу сырыыга саанан ытыалаһыы Чурапчы улууһугар бэлиэтэннэ. Бэҕэһээ, ыам ыйын 7 күнүгэр, Мырыла сэлиэнньэтин таһыгар икки киһи кыттыылаах бы7ылаан буолла. Биир киһи бааһырбыт.
Маннык түбэлтэлэр инникитин тахсыбаттарын туһугар итиэннэ булт кэмигэр сиргэ-уокка сиэрдээхтик сылдьарга анаан “Чурапчы улууһа” МТ баһылыга Степан Саргыдаев булчуттарга аналлаах анал ыҥырыыта таҕыста:
“Ытыктабыллаах Чурапчым улууһун олохтоохторо, сир-уот хаһаайыттара, булчуттар бастатан туран барыгытын Аҕа дойду Улуу сэриитигэр фашизмы кыайбыт өрөгөй күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Билигин сахаларга саамай кэтэһиилээх кэммит, куспут, булпут көҥүлүн кэмэ саҕаланна. Онон дьэ, сиргэ-уокка сылдьаргытыгар бука диэн сэрэхтээхтик уоту-күөһү аһаҕас сирдэргэ оттубакка, былааннаахтык оҥостон, сиэри-туому тутуһан этэҥҥэ сылдьыаххайыҥ диэммин ыҥырабын. Хомойуох иһин үгүс улуустарга тыа баһаардарын түбэлтэлэрэ тахсыталыы тураллар, итинэн сиэттэрэн Чурапчыбыт улууһун сиригэр сэрэхтээхтик туттаммыт баһаары таһаарымыаххайыҥ. Баһаар чааһын этэр эбит буоллахха билигин РФ сокуонугар сөп түбэһиннэрэн миэрэлэр ыараан тураллар, ыстарааба сүрдээх улахан ону таһынан тутатына холуобунай дьыала тэриллэрин санатабыт. Чэ, онон сэрэхтээх буолуоҕуҥ, этэҥҥэ сылдьыаххайыҥ”.
Ааптар: Сэмэн Жендринскэй, Чурапчы улууһа
This post was published on 08.05.2024 16:55 16:55