Кулун тутар 18 күнүгэр, “Чурапчы” ТХПК бырабылыанньата буолан ааста, ол онно улууспутугар үүт соҕотуопкатын өссө эбии үрдэтэр туһунан быһаарыныыны ылыннылар.
Биллэн турар, дьону хамнастаан, нолуок төлөөн үлэлиир хаһаайыстыбалар ороскуоттара олус элбэх. Билиҥҥи балаһыанньаҕа оҥорон таһаарар аспытын элбэттэхпитинэ, атыттартан тутулуктаммакка бэйэбитин толору хааччынар кыахтанабыт. Ити инниттэн, тыйыс усулуобуйаҕа олорорбутунан ороскуоппут элбэҕинэн сибээстээн, тыа хаһаайыстыбата сөптөөх көмөнү хайаан даҕаны ылыахтаах. Иккиһинэн, үбүлээһин быһаччы оҥорон таһаарааччыга тиийэн, быдан көдьүүстээх буолара саарбахтаммат.
“Быйыл, 2024 сылга үүтү соҕотуопкалааһын сыаната, тарыыба быһаарылынна. Ол курдук, эрдэ тохсунньу 26 күнүгэр Чурапчы кээпэрэтиибин бырабылыанньатын уопсай мунньаҕынан уураах таһаарынан турар. Бу уураахха олоҕуран былырыын судаарыстыбаннай субсидия 60 солкуобай эбит буоллаҕына, быйыл 65 солкуобай буолбута. Онно олохтоох кээпэрэтиип биир киилэ үүккэ эбии 12 солкуобайы көрбүт эбит буоллаҕына, билигин бу тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүбэтигэр олоҕуран, үүтү туттарааччыларбытын өйөөммүт, соҕотуопка сыанатын 12 солкуобайтан 15 солкуобайга таһааран биэрдибит. Ити аата, быйылгы 2024 сылга Чурапчы кээпэрэтиибэ хаһаайыстыбалартан киилэ үүтү 80 солкуобайга тутар буолар. Итиннэ 65 солкуобайа өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэр судаарыстыбаннай субсидия суумата уонна 15 солкуобай олохтоох бэйэбит кээпэрэтииппит угар харчыта буолар. Онон улууспут тыатын хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр, үүтү туттарааччыларбытыгар мантан сайын үчүгэй үүтү ыан, үлэни-хамнаһы көхтөөхтүк тэрийэн дохуот аахсалларыгар сөптөөх усулуобуйа үөскээтэ”, — диэн “Чурапчы” ТХПК бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Егоров иһитиннэрдэ.
Ааптар: Сэмэн Жендринскэй, Чурапчы улууһа, «Саҥа олох» хаһыат.
This post was published on 20.03.2024 10:01 10:01