11 Балаҕан ыйа 11.09
  • $ 91,11
  • 100,5

Чурапчы улууһугар “Үөрэнэ барыахпын көмөлөс” аахсыйа саҕаланна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

СӨ Билии күнүн көрсө, атырдьах ыйын 1 күнүттэн, сылын аайы ыытыллар “Үөрэнэ барыахпын көмөлөс” аахсыйа Чурапчы улууһугар үтүө үгэс быһыытынан бүгүҥҥүттэн саҕаланна. Бу туһунан Чурапчытааҕы саастарын ситэ туола илик оҕолору социальнай-реабилитациялыыр киин иһитиннэрэр.

Аахсыйа, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэн оҕолорун саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнииргэ анаан ыытыллар. Үтүө дьыала чэрчитинэн ханнык баҕарар тэрилтэ салайааччыта, ситэриилээх былаас уоргана, уопсастыбанньыктар, биирдиилээн даҕаны дьон кыттыһыахтарын сөп.

Ол курдук канцелярскай малы, кинигэлэри, суумкалары, үрүсээктэри, оскуолаҕа кэтэр таҥаһы-сабы, ыспартыыбынай  пуорманы, атах таҥаһын, уо.д.а. көмөнү хомуйан анал пууҥҥа бүгүҥҥүттэн тутан саҕалаатылар.

Көмөнү хомуйууну Чурапчы нэһилиэгэр Октябрьскай уулусса 17 А нүөмэрдээх дьиэтигэр ыыталлар. Сибээстэһэр төлөппүөн нүөмэрэ: 8(41151) 42-441.

Сэмэн Жендринскэй

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар