Чурапчы улууһугар от былаана 46% толорулунна

Чурапчы оройуонун баһылыга Степан Саргыдаев сүөһү кыстыгын бэлэмнээһиҥҥэ аналлаах быһа эфир ыытта. Кини бүгүҥҥү күҥҥэ былаан 46% толоруллубутун иһитиннэрдэ.

Оройуон баһылыга бэлиэтээбитинэн, кыстыгы этэҥҥэ ааһарга 39 тыһыынча туонна оту бэлэмниэххэ наада.

«Билигин 18 600 гектар сир охсуллунна, 17 857 туонна от бэлэмнэннэ, мобильнай биригээдэлэр 2587 туонна оту оттоотулар. От былаанын 46 %-на толорулунна. Биһигини 71 мобильнай оттуур биригээдэ тэрийдибит. Итинтэн 58 биригээдэ улуус сиригэр-уотугар уонна атын оройуоннар сирдэригэр эмиэ үлэлииллэр», — диэн иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, уһун кураан буолан уонна аһыҥа ыһан,  90 % алаастарга улахан хоромньуну таһаарда. Оройуоҥҥа үрдүк бэлэмнээх буолуу туһунан дьаһал ылыллыбыта, оперштаб тэриллибитэ.

Эрдэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев от хампаанньатын үлэтигэр куттал суох буолуутун хааччыйарга уонна мобильнай биригээдэлэр үлэлэрин тэрийэргэ сорудахтаабыта.

This post was published on 19.08.2022 10:11 10:11