Чурапчы улууһугар от бэлэмигэр 66 мобильнай биригээдэ үлэлиир

Чурапчы улууһугар оттооһуҥҥа билигин 66 мобильнай биригээдэ үлэлиир, олортон 39 Амма, Мэҥэ- Хаҥалас, Таатта сирдэригэр уонна Хаҥалас өрүс арыыларыгар үлэлииллэр. Кинилэр барыта 10 340 туонна оту бэлэмнээтилэр.

Эрдэ оройуон баһылыга Степан Саргыдаев оттооһуну түргэтэтиэххэ уонна дуогабардаспыт улуустарга түргэнник мобильнай биригээдэлэри ыытыахха наада диэн тоһоҕолообута.

«Бу күннэргэ биригээдэлэр Нам улууһугар, Түбэ уонна Таастаах нэһилиэктэригэр бараллар. Салгыы уһун болдьохтоох бииргэ үлэлээһин наада, тоҕо диэтэххэ, кэлиҥҥи сылларга эмиэ кураан туруон сөп», — диэн улуус баһылыга бэлиэтээтэ.

Санатан эттэххэ, аһыҥа түһэн уонна кураан буолан оройуоҥҥа оттооһуҥҥа үрдүк бэлэмнээх режим биллэриллэн, оперативнай штаб тэриллибитэ.

This post was published on 10.08.2022 12:03 12:03