Бэс ыйын 6 — 19 күннэригэр Чурапчы улууһун киин балыыһатыгар баазаланан өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа — экстреннай медицина көмөтүн киинин быраастара ыарыһахтары көрдүлэр. Медиктар 63 операция оҥордулар уонна 250 олохтоох киһи доруобуйатын бэрэбиэркэлээтилэр.
Быраастар биригээдэлэрэ салгыы Алдан, Уус Майа уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар барыаҕа. «Травматолог-ортопед, оториноларинголог, колопроктолог, анестезиолог уонна хирург бааллар. 63 операцияттан сэттэтэ эндопротезирование, 30 операция мурун уҥуоҕа алдьаныытын көннөрүү, сэттэ тымыр операцията. Быраастар биригээдэлэрэ киин балыыһа сайаапкатынан тэриллэллэр», — диэтэ ЦЭМП кылаабынай бырааһын солбуйааччы Надежда Петрова.
This post was published on 18.06.2024 16:01 16:01