СӨ Ил Дархана Айсен Николаев үгэскэ кубулуйубут Анал этиитигэр “Ил Түмэҥҥэ, өрөспүүбүлүкэҕэ дьадайыыны аччатар туһунан” соругу туруорбута. Бу манна биир саамай көдьүүстээх быһаарыныынан — социальнай хантараактар буолбута. Судаарыстыбаттан өйөбүл ылынан үгүс киһи билигин үлэ булунан, бэйэ дьыалатын тэринэн, олох уустук балаһыанньаларыттан таҕыстылар.
Чурапчы улууһугар биэс сыл иһигэр 350 социальнай хантараак түһэрсиллибит, ол иһигэр оҕолоох ыаллар эмиэ бааллар. Бу сыалларга барыта 185 мөл. солк. көрүллүбүт.
Бу мэхэньиисими 2019 сыллаахха бэрэсидьиэн Владимир Путин Федеральнай Мунньахха туһаайан этиитигэр киилэрбитэ. Ол олоххо киирэн, ааспыт сыллардааҕы социальнай хантараагы туһаныы быраактыката көдьүүстээҕин көрдөрдө. Холобура, өрөспүүбүлүкэҕэ хантараак ахсаана уонна үбүлээһин кээмэйэ сыллата элбээн иһэр. 2019 сыллаахха 3 539 хантараак түһэрсиллибит буоллаҕына, 2023 сылга 6 579 буолбут.
Сэмэн Жендринскэй, Саҥа олох хаһыат, Чурапчы
This post was published on 26.01.2024 10:01 10:01