Чурапчы улууһугар 1245 туонна оту бэлэмнээтилэр

Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлииһэ Анжелика Сивцева иһитиннэрбитинэн, нэһилиэккэ бүгүҥҥү туругунан уопсайа 1156 гаа сир охсуллан, 1245 туонна от бэлэмнэннэ.

“Нэһилиэкпитигэр билиҥҥи туругунан 11 бааһынай, 55 чааһынай  хаһаайыстыба окко таҕыста. Бааһынайдарга 20 тиэхиньикэ: 9 механизированнай, 2 полумеханизированнай көлө, 36 киһи үлэлиир. Оттон чааһынайдарга 60 тиэхиньикэ: 23 механизированнай, 32 полумеханизированнай көлө уонна 70 киһи үлэлиир “, — диэн кини этэр.

Саҥа олох

This post was published on 10.08.2023 13:28 13:28