Чурапчыга “Арчы» дьиэтигэр Оһуохай түһүлгэтигэр оһуохайы таһаарааччылар, сэҥээрээччилэр тоҕуоруһа муһуннулар.
Сахалыы тыыннаах тэрээһин үгэс быһыытынан алгыс сиэринэн-туомунан саҕаланна. Алгыһы оһуохайга Ил Дархан истипиэндьийэтин хаһаайына Семен Морфунов толордо.
Салгыы улуустааҕы Оһуохай сүбэтэ ыыппыт үлэтин-хамнаһын, быйылгы торумнары салайааччы Мария Кронникова билиһиннэрдэ. Санатан эттэххэ, бу түмсүү быйыл ыам ыйыгар тэриллибитэ. Сүрүн сыалынан саха төрүт үҥкүүтүн оһуохайы харыстыырга сөптөөх үлэни тэрийии, киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы, оһуохай суолтатын кэлэр кэнчээри ыччакка тиэрдии буолар.
Аһаҕас кэпсэтиигэ кэлбит дьон-сэргэ оһуохай таһаарарга үөрэнэр баҕа санаалаахтарын эттилэр. Онон улуус олохтоохторугар, оһуохайы сэҥээрээччилэргэ анаан чэппиэр аайы күнүс 2 чаастан «Арчы” дьиэтигэр араас хабааннаах, үөрэтэр сыаллаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Онон ыалдьыттары, баҕалаах дьону үөрэ күүтэллэр. Бу туһунан Оһуохай сүбэтин сэкирэтээрэ Вероника Маркова иһитиннэрдэ.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһа «Оһуохай — сахалар төрүт, өй-санаа бииргэ түмсэр үҥкүүтэ. Оһуохай — олохпут эргимтэ үҥкүүтэ. Оһуохай-күндү күммүт күлүмнүүр иитэ!”, — диэн тылларынан түмүктэннэ.
Марфа Петрова, Саҥа олох