Чурапчы нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа Матрена Слепцова 100-сааһын туолла

Хаартыска: Саҥа олох

Чурапчы нэһилиэгин ытык саастаах олохтооҕо Матрена Никитична бүгүн 100 сааһын сүһүөҕэр сылдьан көрүстэ.

Улуус баһылыга Степан Саргыдаев уонна нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Уйгулаан Туласынов бу бэлиэ күҥҥэ кинини дьиэтигэр тиийэн эҕэрдэлээтилэр. Степан Анатольевич Ил Дархан Айсен Николаев олохтообут “Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэтин туттарда, өссө уһуннук, чэгиэнник олороругар баҕарда.

Матрена Никитична 1924 сыллаахха атырдьах ыйын 20 күнүгэр Таатта улууһун Баайаҕа-Игидэй нэһилиэгэр Баайаҕа Төрдө диэн сиргэ төрөөбүтэ. Пенсияҕа тахсыар диэри Чурапчытааҕы лесопууҥҥа кассир-буҕаалтырынан үлэлээбитэ. Олоҕун аргыһынаан Николай Васильевичтыын алта оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ, үлэһит дьон оҥортообуттара. Онон Матрена Никитична күн бүгүн 10-тахса сиэннээх, 20-тэн тахса хос уонна 2 хос-хос сиэннээх.

Елена Макаринская, «Саҥа олох»

This post was published on 20.08.2024 13:25 13:25