Чурапчы улууһугар бастакы мотуордаах дельтаплан оҥоһуллан, халлааҥҥа көттө. Саҥа кынаттаах техниканы олохтоох киһи Иннокентий Новгородов таҥна, СИА-ҕа улуус дьаһалтатын пресс-киинэ иһитиннэрдэ.
«Отучча сыл буолла техниканан дьарыктаммытым, маннык аппарааты аан бастаан оҥордум. ЛМЗ-250 мотуора сакаас быһыытынан таҥылынна, аҥара “бурановскай”. Халлаан туран биэрбитигэр, үөһэ тахса сырыттым, дьыалатыгар бэрэбиэркэни аастым. Дельтапланнар Дьокуускайга бааллар, онтон бу Чурапчы улууһугар чуолкай бастакы», – диэтэ маастар.
Иннокентий Новгородов бэлиэтээбитинэн, дельтапланынан көтөргө халлаан туруга үчүгэй буолуохтаах, тыал түргэнэ сөкүүндэҕэ 3 м.
Историяҕа киирэр түгэни көрөөрү олохтоохтор муһуннулар.
This post was published on 10.09.2020 11:01 11:01