Чурапчы канализационнай ыраастыыр тутуулаах Саха сирин бастакы сэлиэнньэтинэн буолла

Чурапчы канализационнай ыраастыыр тутуулаах Саха сирин бастакы сэлиэнньэтинэн буолла. Элбэх кыбартыыралаах уонна толору хааччыллыылаах дьиэ ахсаана элбээн, маннык дьаһалга наадыйыы улаатта.


Эбийиэги арыйыыга регион баһылыга Егор Борисов, ОДьКХ уларыта тутууга көмөлөһөр фонда кэтээн көрөр сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Степашин, Чурапчы улууһун баһылыга Андрей Ноговицын кытыннылар.

Россия ОДьКХ уларыта тутууга көмөлөһөр фонда, өрөспүүбүлүкэ уонна Чурапчы улууһа бары бииргэ кыттыһан, тыа сиригэр баар канализационнай тобоҕу ыраастыыр пилотнай эбийиэги туттулар.

“Бу иннинэ фонданы кытта саахалланар туруктаах уонна хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ бииргэ үлэлээбиппит. Итинтэн бастакыта – ыраастыыр тутуу 62 мөлүйүөн солкуобай сыаналаах”, — диэн бэлиэтээтэ Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччы Иннокентий Матвеев.

Кини этэринэн, ыраастааһыны ыытыы түмүгэр кирдээх уу техническэй ууга переработкаланыа. Тутууну былырыын атырдьах ыйыгар саҕалаабыттара.

Бүгүн биһиги тыа сирин толору хааччыллыылаах оҥоруу эпохатын саҕалыыбыт. Фонда көмөтүнэн Саха сиригэр бырагыраамалар үлэҕэ киирдилэр”, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.

“Бүгүн дойду таһымыгар кыракый тутууну арыйабыт. Ол эрээри Саха сирин тыатын сиригэр бу олус дьоһун суолталаах. Саха сирин кытта үлэлээбиппит ыраатта, ити иһигэр дьону көһөрүү бырагырааматынан”, — диэтэ Сергей Степашин.

This post was published on 26.03.2018 15:42 15:42