22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Чурапчы Хадаарыгар айар талааннаахтар ойуу тылын оһуорун суолунан айаннаатылар

11:29, 03 апреля 2023
Текст:
Фото: Наталья Руфова, Хатасский наслег
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хадаарга 4-с төгүлүн хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, үлэ-тыыл бэтэрээнэ, СӨ “норуотун маастара” М.П.Давыдова аатынан наивнай ускуустубаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх ыытылынна.

Ойуу тылын суолун омоонун норуот уус — уран оҥоһуктарынан эрэ буолбакка, күннээҕи туттар тэриллэринэн, аһыыр иһиттэринэн, таҥныбыт таҥастарынан, тэлгэһэҕэ турар сэргэлэринэн сирдэтэбит. Онно көрдөххө – иһиттэххэ биир да ойуута-бичигэ суох килэгир ньуурдаах туох да суох. Барыта туох эмит суолталаах, ыйар-кэрдэр аналлаах, алгыс аартыктаах оһуордаах-бичиктээх, а.э. ол сурук – бичик нөҥүө тус туһунан туһуламмыт суруктаах-бичиктээх. Ол да иһин саха киһитэ ойуулуур –дьүһүннүүр ускуустубаҕа былыр былыргаттан чугас, бу ускуустубанан ситимнээн кэпсиир –ипсиир, сэһэргиир.

Бу этиллибит тыллар дьиҥ чахчы арылхай-чаҕылхай туоһута Чурапчы улууһун Хадаарын киэн туттар тумус киһилэрэ хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, үлэ тыыл бэтэрээнэ, туруу үлэһит, аҕыс оҕо күн күбэй ийэтэ, СӨ “Норуотун маастара” Матрена Прокопьевна Давыдова буоларын өссө төгүл тутан-хабан, көрөн-истэн кэллибит.

“Үтүө ыал үөлэһэ куруутун кыымнаах” диэн өс хоһооно мээнэҕэ буолбатаҕын бу ытык киһи оҕолоро, сыдьааннара тус олохторунан, уопсастыбаннас олоҕор көхтөөх кыттыыларынан, олоххо дьулуурдарынан, талааннарынан – дьоҕурдарынан, ийэлэрин үтүө аатын үйэтитиинэн дакаастыы сылдьалларын билэр этибит гынан баран, субу тутан олорон сэһэргэһэн-кэпсэтэн өссө эбии дуоһуйдубут, киэн тутуннубут, холобур оҥоһуннубут. Ол курдук төрдүс төгүлүн ыытыллыбыт “Кэрэни кэрэхсээ” диэн наивнай ускуустуба – уруһуй куонкуруһа Хадаар нэһилиэгэр ыытыллыбытыгар өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кэлбит хартыыналары эрэ буолбакка, бу хартыыналары суруйбут көҥүл худуоһунньуктар муһуннулар.

Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсыахтарын иннигэр улуус иһинэн буолуталаабыттар. Матрена Прокопьевна ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа тус бэйэтин ааттатар ураты суолугар оһуор ойуу ыллыгынан киирбит. Ол курдук бастаан уруһуйдаан көбүөрдэри оҥортолообут – орнаменнары, сибэккилэри дьүөрэлээн (остуол ыскаатарын кэтэх өттүгэр), онтон сыыйа таптыыр айылҕатын көстүүлэригэр, араас түгэннэргэ көспүт – сайылык олоҕо, тыа кыыллара, тыа ыалын олоҕо. Оччолорго анал уруһуйдуур тэриллэр – киистэлэр, уруһуйдуур холуста уо.д.а. суоҕунан кини бастаан утаа … кырааскатын тарбаҕынан уурар эбит! Аны кырааската дьиэҕэ туттуллар – муоста эҥин кырааската эбит.

Талааннаах, күүстээх баҕалаах, айар-тутар аартыктаах дьоһун киһи Матрена Прокопьевна ол аҕыйах өҥү эҥин араастаан дьүөрэлээн, булкуйан араас өҥү таһаара, көрбүт эрэ барыта сүрэҕи ортотунан киирэр кыра оҕолуу ып ыраас ыраас эйгэҕэ киирэрэ. Биллэн туран, кини үлүһүйэн туран үлэлиир-хамсыыр, айар-тутар эйгэтэ уруһуй эрэ буолбатах. Хайа баҕарар саха дьахтарын курдук элбэх оҕо ийэтэ, эбээтэ буоларын быһыытынан суоҕу баар гынан, аҕыйаҕы элбэтэн дьонун аһатан – сиэтэн, таҥыннаран, маанылаан кимтэн да итэҕэһэ суох толору дьоллоох олоҕу олорбут. Быысапка саба суоҕунан атлас лиэнтэни сыыйан солко сап таһааран кэрэҕэ-үтүөҕэ, сырдыкка, дьиктигэ талаһар ис туругун угуйуутунан балеринаны быысапкалаабытын күн бүгүҥҥүгэ диэри уйадыйа ахталлар. Кини тула куруутун айыы-тутуу, саҥаны – сонуну көрдөөһүн эйгэтэ баар эбит. Матрена Прокопьевна аата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн доргууччу, дьоһуннук ааттанарыгар уһулуччу үтүөнү Арассыыйа худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ, СӨ Бэчээтин СӨ култууратын туйгуна, Пелагея Николаевна Слепцова оҥорбута диэннэр хадаардар бары даҕаны дириҥник махтана, сүгүрүйэ саныыллар.

Ити курдук бу үтүөкэн киһини кылгастык билиһиннэрэн туран, кини аатынан быыстапкаҕа киирэр буоллахха, кэлиҥҥи сылларга бу тэрээһин онлайн диэн ааттаан кэтэхтэн барар эбит буоллаҕына, тэрийэр хамыыһыйа быһаарыытынан быйылгы сылга хайаан даҕаны үлэ дьиҥ бэйэтэ кэлэн быыстапкаҕа туран сыаналанарын ситистилэр. Бу эмиэ сүрдээх дьоһун уонна сөптөөх быһаарыныы диэн тоһоҕолоон этиэххэ сөп.

Кэтэхтэн аата кэтэхтэн буоллаҕа, онтон хартыынаны субу тутан туран көрөр-истэр, сыаналыыр, ылынар дьэ ол туһа туспа кэрэ эйгэтэ буоллаҕа. Үлэлэри икки хайысханан сыаналаатылар – уһуйааччы мөссүөнэ, үлэ түгэннэрэ – үлэ-хамнас ис хоһооно. Үлэлэр бары да сүрдээх интэриэһинэйдээх, кэпсиир-ипсиир, сэһэргиир эйгэлээхтэр, ону таһынан үтүө дьоммут аатын, үлэ – хамнас өрөгөйүн үйэлээх үгэстэри үйэтитэр сыаллаахтар. Манна биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр тумус туттар дьоммут (М.Н.Сибиряков, П.П.Федорова, В.С.Яковлев – Далан уо.д.а.), нэһилиэк сайдыытыгар – үүнүүтүгэр бэлиэ суоллаах –иистээх киэн туттар олохтоохтор мэтириэттэрэ эбэтэр кинилэр олохторун кэпсиир сюжетнай хартыыналар бааллар.

Учуутал уонна уһуйааччы

1 истиэпэннээх лауреат Ефремов Владимир Захарович — Хатас, “Өлгөм үүнүү – сүрэх үөрүүтэ”
2 истиэпэннээх лауреат Терентьева Полина Ивановна – Дьокуускай, “Үлэ-олох ис хоһооно”
3 истиэпэннээх лауреат Собакина Надежда Ивановна – Хадаар, “Эбээ Мааппа”

1 истиэпэннээх дипломант – Токумова Наталья Александровна – Дириҥ нэһилиэгэ, биллиилээх дьон мэтириэттэрэ
2 истиэпэннээх дипломант – Посельская Юлия Эдуардовна – Сылан нэһилиэгэ
3 истиэпэннээх дипломант – Филиппова Ирина Николаевна — Хадаар нэһилиэгэ, уһуйааччы учуутал Вера Викторовна

Үлэ – хамнас ис хоһооно

1 истиэпэннээх лауреат Филиппова Ирина Николаевна — Хадаар нэһилиэгэ, “Сылгыһыт ”
2 истиэпэннээх лауреат – Иванова Анна Николаевна – Дириҥ нэһилиэгэ “Наставник Пестерева А.Н.”
3 истиэпэннээх лауреат – Лазарева Октябрина Афанасьевна – Хатас, “Отчуттар”

1 истиэпэннээх дипломант – Колесов Николай Николаевич – Хайахсыт нэһилиэгэ, “Отчут”
2 истиэпэннээх дипломант – Кимова Ольга Михайловна – Хадаар нэһилиэгэ, “Мөккүүдэ”
3 истиэпэннээх дипломант – Иванова Софья Ильинична — Хадаар нэһилиэгэ, “Ферма үлэһитэ”

Маны таһынан Матрена Прокопьевна оҕолорун, сиэннэрин анал бириистэрин тус бэйэлэрин ааттарыттан илиилэрин сылааһын иҥэрбит, өйдөрүн-санааларын өркөнүнэн оҥорбут оҥоһуктарын дьоһун бэлэх гынан туттартаатылар. Давыдов Николай Николаевич дьиэ кэргэнэ туруорбут харчынан бирииһин Климова Ольгаҕа анаатылар. Сиэнэ кыыс Уваровская Туйаара Николаевна Уус Алдан улууһугар айар тутар Колодезникова Мария Петровнаҕа анаата, бирииһэ да боччум – саха национальнай таҥаһын тиктэрэргэ сертификат! Онтон Колесов Николай Николаевичка сиэн кыыс Корякина Христина Иннокентьевна дьиэ кэргэнин аатыттан эр киһи уонна дьахтар киэргэллэрин набора туттарылынна, Руфова Наталья Ивановна кыыһыттан Зинаида Теренковаттан оҕуруонан оҥоһуллубут дьахтар мааны суумкатын тутта, Зинаида өссө биир анал бирииһин Орлова Парасковья тутан үөрдэ-көттө. Көрөргүт курдук анал бириистэр барыта талаан тарбахтар сылаастарын иҥэриммит оҥоһуу (илии үлэтэ) буолар. Хайдах курдук кэрэний уонна сыаналааҕый! Манна даҕатан эттэххэ, хас биирдии миэстэлэспит киһи эмиэ анал бириистэри туппута — иһит хомуос, араас тэрил.

Саамай сүрүн бириис – «Кылаан бириис» 10 000 солкуобай уу харчы Колодезникова Мария Петровнаҕа , Уус Алдаҥҥа айаннаата.

Сааскы саймаархай киэһэ сандал санаатыгар уйдаран, биир үчүгэйкээн киэһэҕэ кэрэни кэрэхсээччилэр түмсэн-сомоҕолоһон, бэйэ-бэйэни ситэрсэн, ситимнэһэн үөрүү-көтүү көтөлүгэр олорустубут, санаабытын атастастыбыт, элбэх баҕа санаа этилиннэ, ахтыы да баар. Олортон саамай-саамайдара диэбит биир уот харахха этиллибит, бэлиэтэммит этиини эппит Вера Викторовна Никонова санаата маннык:

– Олох олорор тухары ханнык баҕарар кэмҥэ, миэстэтигэр оруобуна тоҕоостоох түгэҥҥэ этиллибит сэргээһин, кэрэхсээһин хайа баҕарар киһини хорсун, хоодуот санааҕа киллэрэр, хотоойу санаалыыр, кыайыыга, ситиһиигэ сирдиир. Матрена Прокопьевна олох оннук киһи этэ, кини хайҕалыттан, сылаас тылыттан, сэргээһиниттэн сатаабат да киһи кыһаллан-мүһэллэн саха хаанын киллэрэн иис-күүс эйгэтигэр киирэрэ. Оннук дьон Хадаарга аҕыйаҕа суохтар.

Кырдьыга да, оннук хайҕыыр тылы хармааҥҥа хаайбакка, сэргиир тылы сиэпкэ симпэккэ, кэрэхсиир тылы кэтэҕэриин ороҥҥо анньыбакка кэмигэр, тустаах түгэнигэр этэн, сүбэлээн-амалаан биэрдэххэ ити курдук сайдыы салгыы баран иһиэ, көлүөнэ ситимэ сүтүө суоҕа диэн эрэл санаа күүһүрэр.

Аны да кэлэр кэмнэргэ көрсүһүөх буолан тарҕастыбыт.

Тэрээһини өйөөбүт — өйдөөбүт, ыытыспыт, сүүрбүт көппүт, тэҥҥэ тэрийсибит нэһилиэк дьаһалтатын салайааччытыгар Степанов Афанасий Афанасьевичка, «Тускул» НАДь кэлэктиибигэр, директора Толстоухова Юлия Николаевна, Хадаардааҕы тыа сирэ модельнай библиотека кэлэктиибигэр сэбиэдиссэйэ Ноговицына Лена Николаевнаҕа барыбыт аатыттан барҕа махталы тиэрдэбит уонна үтүө киһи аата үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин туһугар үлэ салгыы барыа, сайдыа — үүнүөн диэн эрэлбитин эрэбит.

Ааптар: Наталья Руфова, Хатас.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА