«Якутскэнерго» ПАУо Киин электрическэй ситимнэрин Чурапчытааҕы РЭС-ин энергетиктэрэ хапытаалынай өрөмүөнү ыытыыга уонна уот ситимнэрин СИП-кэ (бүрүөһүннээх ситим) уларытыыга сыллааҕы былааннарын толордулар.
Тохсунньу-балаҕан ыйдарыгар энергетиктэр Чурапчы – Кыйы хайысхатынан уопсайа 13,4 килэмиэтир уһуннаах 35 кВ кыамталаах уот ситимин саҥардан оҥордулар. Ол курдук 58 тирэҕи уларыттылар. Уһун Күөлгэ 10 кВ үрдүк күүрүүлээх линияҕа 7 килэмиэтир ситимнэри, оттон 0,5 кВ кыамталаахха 5,92 килэмиэтири бүрүөһүннээх ситимнэргэ уларыттылар.
Чурапчы сэлиэнньэтигэр баар «Учууталлар кыбаарталлара» уонна «Кыттайбаан» саҥа микро-оройуоннарыгар уот ситимнэрин тардан, 10/0,4 кВ кыамталаах транфсорматордар туруоруллубутарын туһунан «Якутскэнерго» пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Чурапчытааҕы РЭС кылаабынай инженерэ Дмитрий Карсанаев: «Быйыл былааннаммыт өрөмүөн үлэтин бүтэрдибит. Онон улуус олохтоохторо хаачыстыбалаах электроэнергиянан хааччыллыахтара», – диэтэ.
This post was published on 14.10.2016 16:30 16:30