19 Ахсынньы 19.12
  • -29°
  • $ 102,78
  • 108,51

Чурапчы дьоно Казахстантан үөрүүлээх сонуну туттубут

10:03, 09 декабря
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ Ил Дархаҥҥа Тыл сайдыытын сэбиэтин чилиэнэ, Саха кэнгириэһин сүбэтин кыттыылааҕа, Семен Новгородов аатынан «Айар»  кинигэ кыһатын салайааччытын солбуйааччы Валерий Николаевич Луковцев-Дьурустаан  бу күннэргэ Казахстаҥҥа уопсастыбаннай үлэтин сүнньүнэн олохтоох суруйааччылары кытта көрүстэ.

Кини саха биллэр суруйааччыта, сахалыы бастык роман ааптара, олоҥхоһут Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин (1892-1942) аатын үйэтитиигэ үлэлэһэ сылдьар.

2024 сылга Дьурустаан кэпсэтиитинэн, Эрилик сиэнэ Дария Ивановна Дмитриева (Балет оскуолатын дириэктэрэ) тылбаас ороскуотун бэйэтэ уйунан, казах суруйааччыта, философскай наука дуоктара Мамай Ахетов “Революция уолаттара” диэн Эрилик Эристиин сэһэнин казах тылынан тылбаастаан сурунаалга таһаартарбыт.

Бу сырыытыгар сыал-сорук оҥостон кый ыраах сиргэ тиийэн,  Валерий Николаевич Эрилик Эристиин 1934-1935 сс. олорон ааспыт Шымкент куорат Туркестанскай уул. 3-гэрсуруйааччы аатын үйэтитэр мемориальнай дуосканы туруорар туһунан суругу акимакка туттарбыт.

Шымкент акимын Габит Абдимажитович Сыздыкбеков аатыгар көрдөһүү суругу суруйааччы биир дойдулааҕа, тыл билимин үлэһитэ Мария Афанасьевна Кириллина  Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан бэлэмнээн биэрбит. Эрилик Эристиин үтүө аата, сыралаах үлэтэ киэҥ эйгэҕэ ааттаммыта, кэриэстэммитэ олус үөрүүлээх түгэн. Үөрүүлээх түгэҥҥэ олохтоох, Шымкеҥҥа олорор академик Эрментай Султанмурат, Валерий Луковцевка Күл Тэгинаатынан уопсастыбаннас мэтээлин туттарда.

“Сир-дойду кыараҕас” дииллэринии, манна олохсуйбут Томпо Тополинайыттан төрүттээх Ольга Афанасьевна Сеитова диэн үтүөкэн саха дьахтара Туркистаҥҥа  Ходжа Ясеви аатынан Казах-турок аан дойдутааҕы университетыгар үөрэнэр оҕолорго сүрдээҕин  көмөлөһөр эбит. Кини уонна Үөһээ Бүлүү Хоротуттан сылдьар лиидэр Инна диэн студентка кыыс уопсастыбаннай диэйэтэли, суруйааччыны көрсүһүүнү үрдүктүк сыаналаабыттара  кинилэр чахчы астыммыттарын, үөрбүттэрин кэрэһилиир. Өссө да Туркестаҥҥа кэлэ сылдьарыгар баҕа санаатын эппит.

Римма Корякина-ХОТУУНА, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, “Чурапчы” литэрэтииринэй түмсүү салайааччыта

Бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА