Саха Сирин култуурунай нэһилиэстибэтин уонна пааматынньыктары харыстааһын департаменын салайааччыта Николай Афанасьевич Макаров үлэлиир бөлөҕө Чурапчы улууһугар кэлэн барда.
Икки күн устата Сылаҥ, Арыылаах,Хоптоҕо уонна Болтоҥо нэһилиэктэригэр анал былаанынан сылдьан үлэлээтилэр.
Болтоҥо нэһилиэгэр баһылык Варвара Васильевна Макарова эбийиэктэри көрдөрдө, туруктарын билиһиннэрдэ. Ол кэнниттэн саха омук суругун-бичигин төрүттээччи С.А.Новгородов төрөөбүт алааһыгар — Чуораайытта кэрэ туонатыгар сырытыннарда.
Николай Афанасьевич Чуораайытта Эбэ кэрэ көстүүтүн сөҕөн-махтайан туран, бу сири ураты харыстанар сирдэр реестрдэригэр киллэрэр үлэни түргэнник саҕалыырга диэн эттэ.
Нэһилиэк баһылыга Варвара Макарова:» Бүтүн Саха сирин ытык, кэрэ уонна ураты харыстанар сирдэр переченнэригэр киирии чиэс-бочуот эрэ буолбакка, нэһилиэкпит уонна улууспут духуобунай эйгэтэ кэҥииригэр, күүһүрэригэр сүдү кыаҕы биэрэрэ саарбаҕа суох», — диэн этэр.
Саҥа олох