Чурапчытааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар Саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах «Ойуунускай уонна Олоҥхо» литературнай киэһэ буолла.
Бу истиҥ тэрээһиҥҥэ олоҥхону уонна Платон Ойуунускай айымньыларын сэҥээрээччилэр кытыннылар. Кинилэр улуу суруйааччыбыт төрөөбүт дойдутун сайдыытыгар анаабыт олоҕун, үлэтин билистилэр. Саалаҕа «П.А.Ойуунускай үйэлээх айымньыта – олоҥхо» кинигэ быыстапката тэрилиннэ.
Олоҥхону толорууга үгүс куонкурус кыайыылааҕа Анатолий Христофоров Мырылаттан анаан-минээн кэлэн, Платон Ойуунускай «Бырастыы» хоһоонун олус иэйиилээхтик аахта. Маны сэргэ «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардыыны толорон, мустубут дьону умсугутта. Улуус биир бастыҥ олоҥхоһута Николай Дьячковскай сахалыы сиэринэн тус алгыһын тиэртэ.
Быйыл Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар олоҥхону толоруу күрэҕэр иккис үрдэли ылбыт бөлөх ааҕааччыта Юрий Толстоухов олоҥхону толорууга сэргэх маастар-кылааһы ыытта. Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон «Дьулуруйар Ньургун Боотур» айымньыттан быһа тардыыны ааҕан холонон көрдүлэр итиэннэ улуу олоҥхону ырыттылар, санааларын үллэһиннилэр.
Бу күн улуустааҕы Олоҥхо киинин салайааччыта Дмитрий Попов киин аһыллыаҕыттан ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы кылгастык сырдатта, туох соруктар туралларын билиһиннэрдэ. Ол курдук, сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри Олоҥхо декадата ыытыллыаҕа. Манна олоҥхону истии эйгэтэ тэриллиэҕэ уонна да атын дьаһаллар былааннанан ыытлылыахтара.
Клара Кузьмина, Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо:
— Олус үчүгэй тэрээһин буолла. Олоҥхону оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, аҕабынаан сөбүлээн истэрбит. Оччолорго киэһээҥи аһылык кэнниттэн араадьыйаҕа Гаврил Колесов толоруутун холбууллара. Кини киһи истэ эрэ туруох курдук ис-иһиттэн иэйэн олоҥхолуура. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ, чиэһинэйдик эттэххэ, Анатолий Христофоров кыттарын истэн кэлбитим. Кини биирдэ хоһоон аахпытын истэн сөхпүтүм. Анатолий Христофоров талааныгар сүгүрүйээччи буолабын. Улуустааҕы киин бибилэтиэкэ куруутун маннык истиҥ тэрээһиннэри тэрийэр. Дьиэҕэ олорор дьон сэргэхсийэбит, элбэҕи билэбит-көрөбүт, дуоһуйа сынньанабыт. Норуот тылынан уус-уран айымньытын – олоҥхону сэргээччи, уран тыллаах олоҥхоһут улууспутугар элбии турдуннар, ыччаттарбытыгар, оҕолорбутугар тиэрдэн, үйэтитэн иһиэҕиҥ.
Марфа Петрова, Саҥа олох