2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн чунуобунньуктар пенсияҕа тахсар саастара үрдэтиллэр. Госдума сокуон барылыгар көннөрүүлэри иккис, үһүс ааҕыыларга тута ылынна. Пенсияҕа тахсар саас дьахтарга уонна эр киһиэхэ диэн араарыллар: эр киһи пенсияҕа тахсар сааһыгар 5 сыл эбиллэр, оттон дьахтарга — 8.
Үрдээһин сыыйа-баайа оҥоһуллуоҕа уонна эр киһи 65 сааһыгар, оттон дьахтар 63 сааһыгар пенсияҕа тахсар бэрээдэктэрэ киириэҕэ.
Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, судаарыстыбаннай сулууспаҕа сылдьар 70 тыһ. киһиэхэ бу уларыйыы быһаччы дьайыаҕа.
Итини таһынан сокуон чэрчитинэн үлэлээбит ыстааска ирдэбил 15 сылтан 20-ҕэ диэри уларыйар.