Чульмаҥҥа ыттар саба түспүт кыысчааннара тыына быһынна

Хаартыска: Freepik

Алтынньы 7 күнүгэр Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгэр ыт үөрэ 12 саастаах кыыска саба түспүтэ. Кыысчаан эт-хаан улахан эчэйиитин ылан Нерюнгритааҕы киин балыыһаҕа киирбитэ. Бүгүн СӨ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтэ Чульман бөһүөлэгэр ыт үөрэ саба түспүт кыысчаанын тыына быстыбытын туһунан курутуйан туран иһиттиннэрдэ, диэн Саха сирэ суруйар.

Быраастар кыыһы быыһыыр туһугар туох кыалларын барытын оҥорбуттар, ол гынан баран, хомойуох иһин, эчэйии түмүгэр ыарахан турукка киирбит кыыс өллө. СӨ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтэ кыысчаан чугас дьонугар дириҥ кутурҕанын тиэрдэр.

Санатан эттэххэ, РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Холуобунай дьыаланы тэрийэргэ сорудахтаабыта. Онтон Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Силиэстийэлиир кэмитиэт салалтата бэрэбиэркэ үлэтин тута тэрийбитэ. РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ СӨ силиэстийэлиир салалта бэрэссэдээтэлэ В.В. Кондратенкоҕа холуобунай дьыаланы тэрийэр уонна силиэстийэни ыытар туһунан дакылааттыырыгар сорудахтаата.

This post was published on 09.10.2024 17:46 17:46