Нерюнгри оройуонун полициятын дьуһуурунай чааһыгар Чульман бөһүөлэгэр олорор дьахтартан сайабылыанньа киирбитэ. Кини баанын счетуттан билбэт киһитэ 135 000 солкуобайы устубутун туһунан эппитэ.
Бу дьахтар кэргэнэ интернет-сайт нөҥүө слесарнай тискалары атыылыырын туһунан биллэрии биэрбит. Ыйыллыбыт нүөмэринэн билбэт эр киһилэрэ эрийэн, бу тэрили ылар баҕалааҕын уонна атыыһыт баанын каартатыгар эрдэттэн төлөбүрү киллэрбитин туһунан эппитэ. Ити кэнниттэн хат эрийэн, ыйыллыбыт суума оннугар сыыһа 70 000 солкуобайы ыыппытын этэн туран, ордук харчыны төннөрөрүгэр эппитэ. Салгыы атыылаһааччы атыылааччыны банкомакка кэлэн, кини этэр операцияларын толороругар көрдөспүтэ. Ити түмүгэр эмсэҕэлээбит дьахтар уонна кини эрин каартатыттан уопсайа 135 000 солкуобай харчы уһуллубута биллибитэ. Албын-түөкэй атыылаһааччыга эрийэ сатаабыттара туһата суох буолбута.
Бу чахчынан бэрэбиэркэ ыытыллар.
This post was published on 10.03.2018 18:15 18:15