Чуйскай тракт аан дойду биэс кыраһыабай суолугар киирсэр

«Арчы дьиэтэ» духуобунай киин исписэлииһэ, алгысчыт Борис Михайлов салайааччылаах массыынанан айан дьоно Алтай Өрөспүүбүлүкэтигэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа улахан суолталаах кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ кыттар чиэскэ тигистибит.


От ыйын 8 күнүгэр Чуйскай тракт уочараттаах комплекса Алтай кыраайын уонна Алтай Өрөспүүбүлүкэтин икки ардыгар кыраныыссаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.

Алтай Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 260 сылын уонна Алтай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 25 сылын бэлиэтиир региоҥҥа киирэргэ Чуйскай тракт туһунан стендэлэр, өрөспүүбүлүкэ каартата ыйаммыттар. Катунь өрүскэ түһэргэ кыраһыабай көстүүлээх анал былаһаакка оҥоһуллубут. Туристка аналлаах былырыын туруоруллубут «Пилигрим» пааматынньыгы суол атын өттүгэр көһөрөн, биир кэлим композициялаах комплекс баар буолбут.

Ону тэҥэ Алтай сирин Арассыыйа империятыгар ылар туһунан Императрица Елизавета ыйааҕа суруллубут өйдөбүнньүк бэлиэ аһылынна. Алтай норуотун үгэһинэн алгыс этилиннэ. Ол кэнниттэн Чуйскай тракт өрөмүөннэммит учаастага – Р-256 массыына суола үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.

Чуйскай тракт аан дойду биэс кыраһыабай суолун иһигэр киирэр. Ким бу суолунан айаннаабыт, манна өссө төгүл кэлиэн баҕарыаҕа. Биһиги бэйэбитин туристическай регион быһыытынан биллэрбиппит. Бу композиция өрөспүүбүлүкэ кыраныыссатыгар киирэр ыалдьыттары үөрэ-көтө көрсүөҕэ. Бүгүҥҥү үөрүүлээх түгэн өрөспүүбүлүкэбитиһигэр эрэ буолбакка, улуу Арассыыйабытыгар улахан суолталаах. Мин Арассыыйа элбэх субъегар сырыттым, ол гынан баран, биһиги тутааччыларбыт, суолу оҥорооччуларбыт биир дойдулаахтарыгар бэлэхтээбиттэрин курдук кэрэ сири-уоту өссө ханна да көрө иликпин. «Алтай – Арассыыйа чөмчүүгэ» диэн мээнэҕэ ааттаабаттар, – диэн истиҥ тыллары өрөспүүбүлүкэ баһылыга Александр Бердников эттэ.

Судаарыстыба баһылыгын көмөлөһөөччүтэ Игорь Левитин:

Арассыыйа Президенэ Владимир Путин сорудаҕынан уонча сыл устата Чуйскай тракт уонна Алтай Өрөспүүбүлүкэтэ былааннаахтык сайдаллар. Чуйскай тракт – бу көнө ньуурдаах, айанньыттарга табыгастаах суол эрэ буолбатах, бу – олох. 1756 сылтан нуучча атыыһыттара Катуҥҥа, Бийгэ тиийэллэрэ. Кинилэртэн ким эрэ бу манна тохтоон сынньанар сир оҥордоҕо. Биһиги бу суолу, комплексы өрөспүүбүлүкэҕэ кэлэр ыалдьыттар өйдөрүгэр-санааларыгар умнуллубаттык иҥэрин курдук оҥорор эбээһинэстээх этибит, — диэн ураты махтал тылларын уонна үрдүк наҕараадалары күн-дьыл туругун аахсыбакка үрдүк хаачыстыбалаахтык үлэлээбит Сибиир суолун уонна муостатын тутааччыларыгар анаата.

Росавтодор салайааччыта Роман Старовойт Игорь Левитин Россия транспорга миниистиринэн үлэлии олорон, бу тракт учаастагын саҥардыыны үбүлүүр туһунан быһаарыыны ылыммытын туһунан эбэн эттэ. Ол быһаарыыны РФ транспорын билиҥҥи миниистирэ Максим Соколов салҕыыр.

Үөрүүлээх дьаһалга РФ Президенин көмөлөһөөччүтэ Игорь Левитин, суол федеральнай агентствотын салайааччы Роман Старовойт, «Сибмост» компания президенэ, Алтай Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Александр Бердников уо.д.а. кытыннылар.

Ыспыраапка:

Чуйскай тракт туһунан суругунан сибидиэнньэлэр 1788 с. баар буолбуттара. Онон бу трассанан бастакынан Кытай уонна Монголия таҥараһыттара итэҕэл сиэрин-туомун толороору Белуха хайаҕа уонна Катунь саҕаланар сиригэр ааспыт буолуохтарын сөп. Кэлин бу ыллыгынан Кытайтан уонна Монголияттан араас табаары аҕалааччылар Алтайга айаннаабыттара.

ХХ үйэ саҥатыгар Чуйскай тракт стратегическай суолталаах объект буолбута. Аан дойду бастакы уонна иккис сэриилэрин кэмигэр Монголияттан нуучча аармыйатыгар таһаҕас тиэйэр верблюдтар караваннара быыстала суох субуллубуттара.

Манна тутуу үлэлэрэ 1901 с. саас саҕаламмыттара. 1922 с. Чуйскай тракка судаарыстыбаннай суолталаах суол статуһа иҥэриллибитэ.

Чуйскай тракт 967 килэмиэтириттэн 500-һэ Алтай Өрөспүүбүлүкэтинэн ааһар. Тимир суола суох өрөспүүбүлүкэҕэ – транспорт хорук тымыра.

Алтай – туристар, ыалдьыттар элбэхтик сылдьар, сөбүлүүр сирдэрэ. 2015 с. туристическай сезон кэмигэр 1 мөл 700 тыһыынча турист кэлэн барбыта.

This post was published on 29.07.2016 15:18 15:18