Сэтинньи 18 күнүгэр Дьокуускайга СӨ бырабыыталыстыбатын 2-с нүөмэрдээх дьиэтин саалатыгар «Чолбон» уонна «Полярная звезда» сурунааллар төрүттэммиттэрэ 90 уонна 60 сыллаах үбүлүөйдэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтилэр.
Дьоро киэһэ Култуура уонна ускуустуба колледжын саха биир бастакы суруйааччыта Алампа хоһооннорун ааҕыыттан саҕаланна. СӨ «Ил Түмэн» судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков үбүлүөйдээх сурунааллар кэлэктииптэрин итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ. Кини «Чолбон» сурунаал саха норуотун духуобунай уонна уус-уран өттүнэн сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын ыйда. Дьон-сэргэ сөбүлүүрүн бэлиэтээтэ уонна «ИлТүмэн» Махтал суругун туттарда.
СӨ гражданскай уопсастыбалырын үнүстүтүүттэрин сайыннарыы миниистирэ Сардаана Гурьева «Чолбон» уонна «Полярная звезда» сурунааллар үчүгэй үлэлэрин иһин махтанна уонна атын сурунааллар кинилэр холобурдарын батыһан эрчимнээхтик үлэлииллэригэр ыҥырда. Үчүгэй үлэлээх үлэһиттэргэ Бочуотунай грамота туттартаата.
Саха литературата сайдарыгар сүҥкэн үлэни ыыталларын иһин, Саха сирин суруйааччыларын Союһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин сурунаалларга Махтал суругу уонна суруйааччыларга анал наҕараадалары дохсун ытыс тыаһын ортотугар туттардылар.
Салгыы «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров, Саха сирин суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева уонна араас тэрилтэлэртэн кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттар санааларын, эҕэрдэ тылларын эттилэр.
«Сахабэчээт» автономнай тэрилтэ сүрүн дириэктэрэ Филипп Пестряков тыл этэригэр:
— Биһиги кырдьаҕас уус-уран литературнай уонна общественнай-политическай «Чолбон» сурунаал 90 сылын уонна нууччалыы тылынан тахсар «Полярная звезда» сурунаал 60 сылын өрөгөйдөөх үбүлүөйдэрин үөрэ-көтө бэлиэтиибит. Бу Саха сирин олохтоохторугар олус күндү, ытык сурунааллар инникитин да сайда туралларыгар дьулуһан үлэлиибит, — диэтэ.
This post was published on 21.11.2016 18:26 18:26