Саҥа нүөмэргэ прозаны таптааччылар биллиилээх суруйааччыбыт Петр Аввакумов «Сүүрүктэр» уонна эдэр ааптардар Ангелина Васильева «Тайах оҕото», Ариан Протопопов «Тиит», Варя Егорова «Дьэргэлгэн» кэпсээннэрин ааҕан, саха киһитэ сүүрүк аттарга, тайах оҕотугар тапталын, айылҕа биллибэт кистэлэҥнэригэр сыһыанын арыйыахтара.
Поэзияны сөбүлээччилэр хоһоонньуттар Түҥкэтэх, Кустук Куо, Былаас Аргыс иһирэх иэйиилээх хоһооннорун астына-дуоһуйа ааҕыахтара. Ону таһынан «Саҥа хардыы» рубрикаттан Мария Ларионова, Анисия Скрябина, Вероника Попова хоһооннорун кытта билсиэхтэрэ.
«Тылбаас» рубрикаҕа Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков Чинчиз Айтматов «Муора кытылынан сүүрэр эриэн ыт» сэһэнин тылбааһын салгыыта бэчээттэннэ.
Ааҕааччы «Очерка уонна публицистика», «Биһиги юбилярбыт», «Критика уонна библиография», «Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 110 сылыгар» рубрикаларынан тахсыбыт матырыйааллартан Урсун суоллааҕы бэлиэтээһиннэрин, Аркук «Тыл кырдьыбат аналлаах» ыстатыйатын, Нина Протопопова уонна Николай Васильев Амма Аччыгыйа туһунан ахтыыларын кытта сиһилии билсиһиэхтэрэ.
Бу нүөмэри элбэх хаартыскалар уонна «Сахабэчээт» автономнай тэрилтэ рекламалара киэргэтэллэр. Ону сэргэ «Көмүлүөк сылааһа» ыалдьытын, «Чолбон» сурунаалга 2015 сылга бэчээттэммит айымньылары кытта билсиэххит.
«Хас биирдии саха ыала ууруна сылдьан ааҕар, быйыл 90 сылын туолар «Чолбон» сурунаалга сурутуҥ. Сахалыы тыын, сахалыы эйгэ кэҥээн-тэнийэн барыытыгар дьоһун кылааккытын киллэрсиҥ!» — диэн ыҥырар сурунаал сүрүн редактора Данил Макеев.
This post was published on 28.01.2016 14:37 14:37