Сэтинньи 18 күнүгэр Бырабыыталыстыба 2-с нүөмэрдээх дьиэтин саалыгар «Чолбон» сурунаал 90 сылын көрсө «Сахабэчээт» автономнай тэрилтэ (генеральнай дириэктэр Филипп Пестряков) уонна «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация (бэрэссэдээтэл Олег Сидоров) тэрийэн ыыппыт дьоҕус сэһэҥҥэ уонна бөдөҥ поэтическэй айымньыга аналлаах сабыылаах куонкуруһун кыайыылаахтара үөрүүлээх быһыыга-майгыга наҕараадаларын туттулар.
Кэтэһиллибитин курдук айылҕаттан дьоҕурдаах, айар идэнэн дьаныһан дьарыктанар дьон кыайыы өрөгөйүн билэр чиэскэ тигистилэр. Прозаҕа Москваттан, Эбээн-Бытантайтан, Үөһээ-Дьааҥыттан, Кэбээйиттэн, Үөһээ Бүлүүттэн, Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Хаҥаластан уонна Дьокуускайтан барыта 22 үлэ киирдэ.
Кыайыы өрөгөйүн Сунтаартан төрүттээх, архитектор идэлээх Иван Попов-Уһук Уйбаан биллэ. Политолог идэлээх, хас да кинигэ ааптара Гаврил Адамов иккис, Мэҥэ Хаҥалас ытык суруйааччыта Степан Марков үһүс миэстэлэргэ тигистилэр. Кинилэр анал дипломунан уонна бастакы – 35000, иккис – 30000, үһүс – 25000, биһирэбил – 5000 солкуобай бирииһинэн бэлиэтэннилэр.
Поэзияҕа барыта 12 үлэ киирдэ. Ол эрээри 1 уонна 2 миэстэҕэ сөптөөх уус-уран таһымнаах айымньы киирбэтэ диэн дьүүллүүр сүбэ быһаарда. Онон кимҥэ да бэриллибэтэ. Мирнэй Туой Хайатыттан төрүттээх, Үрдүкү Суукка үлэлии сылдьыбыт юрист идэлээх Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ үһүс бочуоттаах миэстэҕэ тахсыбыта ситиһии быһыытынан сыаналанна. Биһирэбил миэстэҕэ Намтан «Отуууота» түмсүү чилиэнэ Январь Неустроев уонна Мэҥэ Хаҥалас Балыктаах нэһилиэгин библиотекара Саргылаана Стручкова таҕыстылар.
— «Чолбон» сурунаал литературнай куонкуруһун кыайыылаахтара бэйэлэрин айымньыларынан дьүүллүүр сүбэни астыннардылар. Инникитин да маннык таһымнаах араас куонкурустары тэрийэн ыытар былааннаахпыт. Онон эдэр, саастаах да ааптардар, айар сойуустар чилиэннэрэ салгыы ситиһиилээхтик кыттан саха уус-уран айымньыларын таптааччылары үөрдэллэригэр эрэнэбит, — диэтэ Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов.